ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төрөө

туохтуур

Нууччалыы производить на свет младенца, детёныша, давать жизнь младенцу, детёнышу, рожать (о женщине, самке животного). [Ханньалба:] Оҕото суох эмиэ куһаҕан, элбэх оҕолоох эмиэ куһаҕан

English to give birth

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Кэмиҥ кэлэн искэр баар оҕоҕор күн сирин көрдөр, оҕолон (дьахтар, ийэ кыыл туһунан)

Нууччалыы Производить на свет младенца, детёныша, давать жизнь младенцу, детёнышу, рожать (о женщине, самке животного). [Ханньалба:] Оҕото суох эмиэ куһаҕан, элбэх оҕолоох эмиэ куһаҕан

  • Мин эн Кээчэҕин ордоро саныыбын, оттон мин Боккуойам бокуойа суох сыл ахсын төрүүр.
    П. Ойуунускай
  • Күкүргэ төрөөн сыыстаран даҕаны буолуо, Өксүүнньэ -- өйө суох уонча хонукка сыппыта.
    Л. Попов
  • Ынах үгүс өттө муус устар уонна ыам ыйыгар төрүүр
    ГМФ ССССС

2 туохтуур #

Ийэҥ иһигэр үөскээн баран, кини иһиттэн тахсан күн сирин көр

Нууччалыы Появляться на свет в результате родов, родиться (о человеке, животном)

  • Уол оҕо төрөөтөҕүнэ мин ааппын биэрээриҥ.
    Саха фольк
  • Уон аҕыс оҕо төрөөн сорохторо орпутуттан Митя улаханнара этэ.
    Суорун Омоллоон
  • Кэнчээри элбэх оҕолоох кэргэҥҥэ төрөөбүтэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (1)

3 туохтуур #

ан эмэ утумнанан таҕыс, үөскээ (туох эмэ саҥаны, сонуну этэргэ)

Нууччалыы Появляться, возникать, рождаться (о чём-л. новом)

  • Мөҕүмэ, мөҕүмэ – көҥүллүк төрөөтүн Мин ырыам, хоһоонум, Мин уордаах хотунуом!
    С. Данилов
  • "Кырдьык мөккүөртэн төрүүр" диэн олус сөпкө эппиттэр быһыылаах.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ол күнтэн имэҥнээх тылга сөрөппүтүм, ол күн хоһоонньут төрөөбүтүм
    П. Тулааһынап

4 туохтуур #

Халлааҥҥа көстүбэт буола сүтэн баран көстөн кэл, саҥалыы үүнэн бар (ый туһунан)

Нууччалыы Появляться, наблюдаться вновь на небе после исчезновения (о новолунии)

  • Ол күн көрбүт Көмүс туонатыгар, Ый төрөөбүт Ытык дабайыытыгар, Көмүс бэйэбин көлүнэҥҥин, Миҥэ бэйэбин миинэҥҥин Көтөн күпсүйэр үһүгүн, Нохойдоон!
    С. Зверев
  • Олунньу төрүт да тымныы буолар чинчилээҕэ: олус өргөстөөх ый төрөөбүтэ
    Болот Боотур

5 этии #

Этиилэр

Аҕа курдук аҕаттан (төрөөбүтүм, айыллыбытым) көр аҕа

  • Мин да аҕа курдук аҕаттан айыллыбытым, ийэ курдук ийэттэн төрөөбүтүм. Ньургун Боотур.

Адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт көр адаҕа

  • Адаҕатын кэппитинэн төрөөбүт, Арбаҕаһын бүрүммүтүнэн үөскээбит, Арсыын туора тиистээх Арсын Дуолай.
    Күннүк Уурастыырап

Аны төрүүргэ көр аны

  • Мин эһиэхэ аны төрүүрбэр да этиэм суоҕа. Кыһыллар эһигини син биир имири сотуохтара.
    Д. Токоосоп

Ийэ курдук ийэттэн (төрөөбүтүм, айыллыбытым) көр ийэ

  • Мин бу Саха киһи көрөр Сардаҥалаах маҥан халлаанын Үрүт өттүгэр төрүөбүтүм-үөскээбитим, Аҕа курдук аҕаттан айыллыбытым, Ийэ курдук ийэттэн төрүөбүтүм. Ньургун Боотур.

Иккис төрөөбүт дойдута көр иккис

  • Онтон ыла Саха сирэ кини иккис төрөөбүт дойдутунан буолбута.
    ХС

Иккиһин (иккистээн) төрөөбүт саҕа (курдук) санаа көр иккиһин

  • Барарбар, кырдьыга, эргийэн кэлиэм дии санаабатаҕым. Онон, быһата бу хат төрөөбүт курдук сананан кэлэн олоробун.
    Суорун Омоллоон
  • Маайа [силиэстийэттэн босхолонон] иккиһин төрөөбүт тэҥэ санаммыта.
    ХС

Киһи итэҕэһигэр кэлбит (төрөөбүт) киһи (дууһа) көр киһи I

  • Кини Бүөккэни омун-төлөн, уу-хаар тыллаах, быһата, биир киһи итэҕэһигэр төрөөбүт киһинэн ааҕара.
    В. Протодьяконов
  • Тэҥн. киһи эрэ аатын ылан (сылдьар).

Көрөн төрөө көр көр I

  • Уоллара олох аҕатын көрөн төрөөбүт оҕо, умса бырах, тиэрэ бырах – үүт-үкчү.

Мас төрөөн

мас курдук 2 диэн курдук (көр мас).

  • "Тугу санаммытый?" – диэтэ Слепцов -- кэм да сирэйэ мас төрөөн олорон.
    К. Симонов

Өл да төрөө көр өл I

  • Өл да төрөө, [тааҥканы] үлтүрүтүөххэ наада.
    Н. Туобулаахап
  • Өл да төрөө, кистэммит отут аты бул.
    ХС

Төннөн төрөөбүт көр төнүн

  • Төрүүр (төрөтөр) оҕону төлкөлөө (уйалаа) көр оҕо

6 этии #

Этиилэр

Төрөөбүт дойду көр дойду

  • Киһиэхэ төрөөбүт дойдута Төрөппүт ийэтин кэриэтэ: Сүрэҕин ытатан, ыллатан, Норуот кырдьыгар үөрэтэр.
    С. Данилов
  • Кини дьиэтигэр аһыы олорон, төрөөбүт дойдутугар кэлэн эйэлээх, сынньалаҥ олоххо олорор киһи быһыытынан, толору дьоллоохтук сананна.
    М. Доҕордуурап

Төрөөбүт дьон көр дьон

  • Төрөөбүт таптыыр дьонноро Ньургуһуну эргэ биэриэхтэрин саныыллар. Ханна, кимиэхэ?.. Лоокуттан атын киһиэхэ... Дьүөгэ Ааныстыырап.

Төрөөбүт күн көр күн

  • Нина саныыр: "Төрөөбүт күн – үөрүү, дьол дииллэр. Ким билэр. Сороххо баҕас төрөөбүт күн ордук элбэх үлэлээх, түбүктээх, сүпсүктээх, ыксаллаах... "
    Н. Габышев
  • Ср. др. -тюрк. төрэт ʻсоздавать, творитьʼ, төрү ʻрожатьʼ, тув. төрэ ʻродисьʼ, төрүүр ʻродитьʼ, каракалп. дөреу ʻвозникнутьʼ

«Т» буукуба