ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

олор

туохтуур

Нууччалыы сидеть

English to sit

Ис хоһооно · 12

1 туохтуур #

Нууччалыы сидеть

English to sit

  • сыарҕаҕа олор
    сесть в саниto sit in a sleigh

2 туохтуур #

Нууччалыы проживать

English to reside, to live at

  • кинилэр куоракка олороллор
    они живут в городеthey live in the city

3 туохтуур #

Атаҕы токурутан туохха эмэ (хол., олоппоско, сиргэ) уллуккунан, самыыгынан тирэн

Нууччалыы Сесть, сидеть

  • Мотуруона охтубут тиит үрдүгэр саҥата суох сыҥаах баттанан олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • [Ньукуус:] Дьэ, дьахтар, олоруоҥ дуо, ити оҕус сыарҕатыгар таһаҕаһы тиэй
    Күндэ
  • Көтөн кэлэн түс. Θ Приземлиться. Сахсырҕа олордо
Өссө холобурдар (4)
  • ии олор. Ааҕа олор.
  • Кэбигирэй Миитэрэй хаар баарына өрүсүһэн отун тобоҕун чөкчөтөн тиэйэн аҕалан баран, дьиэтигэр киирэн чэйдии олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Онтон туран итиитигэр тутан олорор ылтаһын куруускатын тыастаахтык тыы иһигэр бырахта.
    Эрилик Эристиин
  • Кини тутан олорбут харандааһын остуолга тыастаахтык бырахта, мэктиэтигэр сирэйин этэ, энньэйбит сэҥийэтэ ибирдээн ыларга дылы гыннылар
    И. Никифоров

4 туохтуур #

Ханна эмэ дьиэ-уот тэринэн олохсуй

Нууччалыы Жить, проживать; оседать где-л

  • Бэйэлэрэ буоллаҕына, күүстэрэ эстэринэн ыар үлэҕэ эриллэ-эриллэ, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олорбуттар. Софр. Данилов. Бэрт былыр саха аймах нуучча миэрэтигэр кытта илигинэ, биир ыал олорбута эбитэ үһү.
    Н. Якутскай
  • Кырдьар сааспар баҕас тиийдэрбин. Аны биир аҕыс-тоҕус сыл олордорбун, сэгэрим эргэ баран, олоҕун оҥосторун көрдөрбүн, дьоллоох эбиппин дэниэм этэ
    Күндэ
  • Бараары олор. Көрөөрү олорор

5 туохтуур #

Ханнык эмэ сиргэ, дойдуга кэлимник тарҕанан олохсуй

Нууччалыы Населять какую-л. местность

  • Нанайдар Хабаровскай кыраайга олороллор.
  • Орто Азияҕа сүнньүнэн түүр норуоттара: казахтар, кыргызтар, узбектар, туркменнар, каракалпактар олороллор.
    САИ ССРС ФГ

6 туохтуур #

Буруйу оҥорон, тутуллан, сууттанан хаайыыга киир

Нууччалыы Сидеть в тюрьме

  • Хаайыыга олорон хааллахпына мин оҕолорбун ким иитиэй?
    Амма Аччыгыйа
  • Турахин тойон өссө сайдан, кыһыллар Александровскай Централга хаайыллан олорбут дьону таһаартаан кэбиспиттэрин кэпсээтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Икки сыл икки ый устата түрмэҕэ соҕотох киһи хаамыратыгар олорбута
    И. Федосеев

7 туохтуур #

харыс т. Оҕолон, төрөө (дьахтар туһунан этэргэ)

Нууччалыы Рожать (о женщине)

  • Онус ыйыгар тиийэн, олорор кэмэ кэлэн, Эдэр дьахтар барахсан, Этэ ыалдьан, эймэнийэн барда.
    П. Ойуунускай
  • Кэргэнэ ыарахан буолан, кини бырааттарын кытта барбатаҕа. Олороро чугаһаабыт дьахтары ханна быраҕыай?
    А. Фёдоров
  • - Данил Данилович, эн эмиэ үлэлээбиккин дуу? - Ээ, мин хотунум олороругар тиийэн сылдьар. М. Горькай (тылб.)

8 туохтуур #

көмө туохт

9 туохтуур #

ан, -а сыһыат туохтуур форматыгар турар сүрүн туохтууру кытта, көмө туохтуур суолтатыгар салҕанан барар дьайыыны көрдөрөр

Нууччалыы С деепричастием на -ан, -а основного глагола выступает в роли вспомогательного глагола и обозначает продолжающееся действие

10 туохтуур #

аары сыһыат туохтуур форматыгар турар сүрүн туохтууру кытта көмө туохтуур суолтатыгар дьайыыны оҥорор санааны эбэтэр оҥорорго бэлэми көрдөрөр

Нууччалыы С деепричастием на -аары основного глагола выступает в роли вспомогательного глагола и обозначает намерение действовать, готовность к действию

11 этии #

Нууччалыы Сидеть без действия, ничего не предпринимать, хотя обстоятельства требуют активности, противодействия ради собственного или общего блага, быть застигнутым врасплох. [Иван Иванович:] Тоҕо мин олорон биэриэмий?

Этиилэр

Аҕа баһын тосту олор көр аҕа

  • Аҥаарыйа кырдьан, Аҕа баһын тосту олорон Аан ийэ дайдыттан Арахсар күҥҥүтүгэр Алгыс курдугунан арахсаарыҥ.
    Өксөкүлээх Өлөксөй

Көҥдөй көхсө эрэ олорор көр көҕүс II

Эбэм күөл уҥуоргу диэки тугу эрэ кичэйэн одуулаһардыы унаарыччы көрөн олорор. Бэйэтэ эмиэ ханна эрэ ыраах-ыраах, ити саныы олорор санаатын кытары барсан баран, көҥдөй көхсө эрэ олорор курдук. Н. Лугинов. Олорон биэр - туох эмэ куһаҕаны, куһаҕан содуллаах буолуоҕу утары тугу да гыммакка, дьаһал ылбакка хаал Күүс кыайарынан силистэн-мутуктан тардыһыахха наада. С. Ефремов. Земпредел чааһынан Сэмээр сүбэлэһиэхпит. Олорон биэриэхпит суоҕа, Уҥуохпут дьэ сонуоҕа, Баҕар, онно харыахтара, Бассабыыктар бэтиллэн охтуохтара. С. Васильев. Олорор мутуккун кэрдимэ - олоҕуҥ илгэтин, тутар тутааҕын алдьатыма.

соотв. не руби сук, на котором сидишь, не разрушай основу своей жизни.

  • Дьиҥнээх булчут булдун кырыһыттан быһа хаһан да өлөрбөт, олорор мутугун кэрдиммэт, инникитин толкуйдаан бултуур.
    Далан
  • Ол эрээри бардамнаамаҥ, Оҕотуйан наһаалаамаҥ: Үүнэр буоргутуҥ үөҕүмэҥ, Олорор мутуккутун кэрдимэҥ!
    С. Данилов
Өссө холобурдар (2)
  • Түүн утуйума, күнүс олорума (түүн утуйбат, күнүс олорбот буол) - туох эмэ туһугар олус кыһалын, күнү-дьылы аахсыбакка сүүр-көт, сүгүн олорор кыахтан таҕыс, санааҕа-онооҕо түс. Потерять покой, лишиться сна (из-за каких-л. проблем). Тыл тылбытыгар киирсиспэккэ эрэбит, бар дьоммутун аймаатахпытына, алдьархайтан атын туох да тахсыа дии санаабаппын. Мин бу санааттан-онооттон түүн утуйбат буоллум, күнүс олорбот буоллум.
    П. Ойуунускай
  • Уулаах олорон умсуй (уу иһэ-иһэ хайҕаа) - аһара хайҕаа, сөҕөн-махтайан хайҕаа. Чрезмерно, усиленно хвалить. Кэргэттэр кэмэ суох кэпсииллэр, Хамначчыттар харса суох хайгыыллар, Уолаттар уулаах олорон умсуйаллар. Өксөкүлээх Өлөксөй

12 этии #

Нууччалыы Съесть в один присест (очень много еды)

  • Биирдэ олорон тур - биир аһааһыҥҥа элбэҕи сиэ Бу маннык собону түөрт уону биирдэ олорон туруохтарын сөп.
    И. Гоголев
  • Дьукаах олор - ыал дьиэтигэр дьиэлээхтэри кытта бииргэ олор (атын ыал, дьон туһунан этэргэ, сүнньүнэн урукку бириэмэҕэ). Θ Семья, сожительствующая с хозяевами (семьей) дома, обычно в зимнее время (главным образом, для экономии сил в отоплении дома, в основном, в дореволюционное время). Дьиэҕэ киирбиппит икки ыал дьукаахтаһан олороллор эбит.
    С. Ефремов
  • Ити икки ыал биирдэ дьукаах олоро сылдьыбыттара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Көскө (сыылкаҕа) олор - суут уурааҕынан төрүт олох сиргиттэн көһөрүллэн атын ыраах сиргэ олор. Θ Быть, находиться в ссылке, быть сосланным. Кини [Мицкевич] бэйэтин хорсун быһаарыныытын туһунан оччотооҕуга Шушенскайга көскө олорор Владимир Ильич Лениҥҥэ биллэрбитэ.
    И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
  • Олорон хаал - 1) тугу да сатаан оҥорбокко хаал. Θ Просидеть без дела, не успеть ничего сделать; 2) сыһын (кир, кырааска туһунан). Θ Впитаться, оставив след (о грязи и т. д.). Бэчээт курдук олорон хаал. Ойуу курдук олорон хаал. Олорор оҕо - туораттан көмөтө, өйөбүлэ суох олорор буолбут оҕо (алта ыйдаах оҕо). Θ Ребёнок, который сидит самостоятельно (около шести месяцев от роду). Олорор оҕо сыанатын туох да билбэт үһү (тааб.: дьааһык). Др. -тюрк., тюрк. олур

«О» буукуба