Аны аныаха диэри - билиҥҥэ дылы, бу кэмҥэ диэри (сөбүлээбэт буолуу эбэтэр хом түһүү дэгэттээх) Аны аныаха диэри таҥараны илдьэ сылдьаҕын дуу? М. Попов. Ээй, бэйэм чаһым эрэйдээх! Бу барахсаммын көрүҥ, аны аныаха диэри бара сытаахтыыр эбит! Н. Заболоцкай. Атын холкуостар диэн Айманнаҕыҥ алыһын Аны аныаха диэри Атыылаһа илик дьон Адьаһын да аһыныахтара суоҕа. П. Тобуруокап.
НууччалыыДо сих пор; и до сих пор (с оттенком недовольства или огорчения)
Германия урут да нуучча омугу сэриилээн кыайбатаҕа, аны да кыайыа суоҕа.М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (8)
Аны даҕаны айыллар саҥаны Айхаллыы-уруйдуу, аатырда туруохпут. Эллэй. Ырабыт сырдык сулуһа аны да күлүмнүү турдун.Күннүк Уурастыырап
2) билигин, бу кэмҥэ. И ныне. Аччыктыыр, ааһар диэн эрэйин, Утах уу күндүтүн билэбин. Сааһырдым дии санаан аны да Салпатым айантан, нусхааттан.С. Данилов
Аны санаатахха - билигин өйдөөтөххө, билигин санаан кэллэххэ (кыбытык этии буолар). Как я теперь понял, если сейчас вспомнить (употр. как вводное слово). Кини, аны санаатахха, оҕо санаатын сатаан тутар, үчүгэй педагог эбит.Суорун Омоллоон
Аны санаатахха, былыр, биһиги хараҥа даҕаны олоххо олороохтообут эбиппит.Н. Якутскай
Ол кэмнэргэ Саха сиригэр саҥа былаас саҥардыы үөскээн, аны санаатахха, дьон ситэ сайда илик эбит.Д. Таас
Аны төрүүргэ - иккиһин киһи буолан төрөөтөхпүнэ (киһи иккиһин төрөөбөт, ол иһин кыайан туолбат суолу аны төрүүрбэр толоруом диэн үгэргээн этии). Когда я вновь появлюсь на свет (язвительное высказывание о том, что человек вторично не рождается и, поэтому что, человеку не под силу сейчас, то он сможет сделать лишь тогда, когда заново появится на свет). Бу үлэни аны төрүүргэ да сатаан суоттуо суохпун.
Мин эһиэхэ аны төрүүрбэр да этиэм суоҕа. Кыһыллар эһигини син биир имири сотуохтара.Д. Токоосоп