ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аныгы

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы относящийся к настоящему моменту, нынешний

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Билиҥҥи кэмҥэ сыһыаннаах, билиҥҥи

Нууччалыы Относящийся к настоящему моменту, нынешний

  • Аныгы бириэмэ сокуона, былаас былдьаһыытын сокуона биллэххэ да оннук, көрдөххө да оннук.
    П. Ойуунускай
  • Дьэ бу аныгы үйэни көрөн кээс, оҕонньоор
    С. Ефремов

2 даҕааһын #

Туох эмэ кэнниттэн быһаччы кэлэр, буолар

Нууччалыы Следующий, наступающий после чего-л., будущий

  • “Тарбыт көҕүрээн хаалбыт, аныгы мээрэйгэ тойон кыайара буолуо”, - диэн дьахтар Болокко сибигинэйдэ.
    Н. Заболоцкай
  • “Балыыҥкалаама, гражданин! Эбэтэр билиэттэ ыл, эбэтэр аныгы тохтобулга таҕыс!” - кондуктор кыыс куолаһа үрдээн барда.
    Амма Аччыгыйа
  • Аныгы кэлиибэр разведка туһунан хайаан да тугу эмэ билэр буолуохтаахпын
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (3)
  • Кини [Өрүүнэ] биһикки таптаһан сэһэргэһэбит, иккиэн кыратык да иллэҥ эрэ буолларбыт былыргыны, аныгыны түөһэн тахсабыт.
    А. Бэрияк
  • Оттон Чүөчээски наар аныгыны, оскуоланы, оонньууну, колхуоһу, пионердары кэпсиир.
    Суорун Омоллоон
  • Бу киһи ыатардаххын аата Былыт саппыт былыргытын? Наар ааспыты ахтыы туох аатай. Ким ыллыай аныгыбытын?!
    Баал Хабырыыс

3 даҕааһын #

Үрдүк сайдыылаах, бэйэтин үйэтин таһымыгар турар

Нууччалыы Стоящий на уровне своего времени, не отсталый, современный

  • Сыралҕан куйааһынан сырылаччы тыына, сайаҕас сайын саарыгырарын кытта, аныгы Лоҥкуудаҕа айар, тутар үлэ өрө күүрдэ
    М. Доҕордуурап

4 аат тыл #

суолт. Сибилигин туох буола турара, дьиҥ билиҥҥи кэм

Нууччалыы Современность

«А» буукуба