ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

аныгылыы

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы по-современному, по-нынешнему времени

1 сыһыат #

Билиҥҥи үйэ, билиҥҥи кэм сиэринэн

Нууччалыы По-современному, по-нынешнему времени

  • Баһаатай Дарья Иннокентьевна итини эмиэ эппитэ: биһиги дьоммут биһигини аныгылыы иитэри өйдөөбөттөр эбит. Дьүөгэ Ааныстыырап. Уулусса устун куораттыы, аныгылыы халтаҥнык таҥныбыт, хойуу хара хаастаах, кулуһун курдук кыыс дьиэлээн иһэр.
    Н. Габышев
  • Олор, таптаа аныгылыы Олорор муҥур үйэҕэ. Өйдүү-өйдүү, Саныы-саныы Үлэлиир быдан үчүгэй.
    С. Данилов
  • Атын арааска аралдьыйбакка, Алгыс төрдүн атахтаан Аныгылыы алгыырга Аан дойду анаата
    А. Софронов

2 даҕааһын #

суолт. Бэйэтин үйэтин таһымыгар турар, хаалыыта суох

Нууччалыы Современный

  • Икки ааннаах, биир сурук остуоллаах, бары дьиэ сэбэ-сэбиргэлэ аныгылыы, нууччалыы.
    А. Софронов
  • Сэптэриттэн-сэбиргэллэриттэн да көрдөххө, аныгылыы ыалга сөптөөх тэриллээх эбиттэр.
    Эрилик Эристиин
  • Амма өрүс үрдүгэр, бэртээхэй бэс чагдаҕа баар аныгылыы оҥоһуулаах ампаар дьиэтигэр тиийдим.
    Ф. Софронов
Өссө холобурдар (1)
  • Утар. урукку

«А» буукуба