Перевод с якутского
төнүн
туохтуур
Нууччалыы возвращаться
English to return; to return
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы возвращаться
English to return (from somewhere); to return
дьиэҕэр төнүн вернуться домойto return home сир ортотуттан төнүн вернуться с полпутиto return from the halfway point
2 туохтуур #
Хантан эмэ ханна эмэ төттөрү кэл, эргилин
Нууччалыы Приходить обратно, возвращаться откуда-л
Аҕам этэр: "Эргэр төнүн, айдааны, сааты оҥорбокко эрэ баран хаал". Н. Неустроев Эдэр киһи төрөөбүт алааһыгар олох саҥа дабааннарын дабайарга күүс ылаары, оттон кырдьаҕас киһи букатыннаахтык бырастыылаһаары төннөр дииллэр.
Н. ЛугиновБииктэр -- арҕаа саҕах кыыспыта көлүччэ саҕатыгар умайан кытарыҥныырын одуулаан туран баран, дьиэтин диэки төнүннэ Л. Попов
3 туохтуур #
Туохха эмэ хат эргиллэн кэл (урут этиллибиккэ, оҥоһуллубукка о. д. а.)
Нууччалыы Обращаться, возвращаться к чему-л. вновь (к сказанному, сделанному ранее)
Владимир Килович -- мааҕын этэн испит санаатыгар төннөргө быһаарынна.
Н. ЛугиновКини өр үлэлээн оҥорбут, билигин көрүүгэ киирэ сытар бырайыагар төннүбүт. Н. Заболоцкай Уруккуга төннүөхпүт эрэ суоҕа, табаарыстар! Кыым
4 туохтуур #
Кэхтэн, эстэн-быстан, буомуран хаал
Нууччалыы Останавливаться в развитии, вырождаться, регрессировать
Кырдьан, төннөн эрэр киһиэхэ, миэхэ, мантан антах сүбэ-ама, көмө, күүс буол. Болот Боотур Идэтин таһаарбакка, дьиэҕэ бөх буола сытар ыт бөҕүөрэн, төннөн хаалар куолута. Н. Заболоцкай Тарынан да аһаатар Саха өркөн өйдөөҕө. Аныгы киһи – тар мэйии – Тоҕо сүрэй, төнүннэҕэ?! Умсуура
5 туохтуур #
харыс т. Суох буол, өл-сүт
Нууччалыы Умирать, погибать
Арай дьэҥкир таас иһит Үлтүрүйбэт буоллун, Биирдэ төрөөн баран киһи Төннүбэтэ буоллун!.. И. Гоголев Саха сиригэр баайдар өрө турууларыгар 1921 сыллаахха үөскээн иһэр барахсаттар өлбүттэрэ, төлөһүйэн эрэр ыччаттар төннүбүттэрэ. Эрилик Эристиин Аҕыйах хоноот курас сурах тарҕанна: "Дьэрэмэйдээх саҥа төрөөбүт оҕолоро төннөр кутталлаахтык ыалдьыбыт" Сахаада
6 этии #
Этиилэр
Төннөн төрөөбүт
төннүбүт төрүөх диэн курдук (көр төрүөх).
[Аҕата – уолугар:] Иитэрэ-аһатара буолан сирдээн да абыраабат, төннөн төрөөбүт хара сордоох. Н. Борисов
Төннүбүт төрүөх көр төрүөх
[Дириэктэр] сир куһаҕанын, уһугун, тиэхиньикэ хампархайын, сүөһү төннүбүт төрүөҕүн аныаҕа. "Кыым". Ср. др. -тюрк. дөн, төн ʻвозвращатьсяʼ