Перевод с якутского
төннөр
туохтуур
Нууччалыы возвращать
English to return
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы возвращать
English to return (something)
кинигэни төннөр верни книгуreturn the book харчы ордугун төннөр дать сдачуto give change
2 туохтуур #
Тугу эмэ кимтэн эмэ ылан баран төттөрү биэр
Нууччалыы Возвращать, отдавать что-л. кому-л. обратно
Таҥара биэрбитин төннөрбөт (өс хоһ.). Роза эмиэ суругу киэһэ ылан баран, сарсыныгар төннөрдө. Н. Габышев Дьоннор үчүгэй кинигэни уларсан баран, төннөрөн биэрбэттэр И. Федосеев Былдьаммыты, сүппүтү төттөрү ыл. Θ Отвоевывать, возвращать себе отобранное кем-л. [Тиргиллэр Тэрэнтэй – Үүттүүрэпкэ:] Ама, доҕоор, [кыһыллар кыайтардахтарына] дойдубутун-сирбитин төннөрөн ылар инибит. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
[Барахсаанап:] Эрэбиисийэ бүттүн да мин ол харчыны бэйэтинэн төннөрөн аҕалан биэриэм С. Ефремов
3 туохтуур #
Кими эмэ кимиэхэ эмэ төттөрү илт, аҕал, оннук буоларыгар көмөлөс
Нууччалыы Возвращать кого-л. кому-л., способствовать этому
"Баҕар, онно үрдүк сололоохторго ытаатахпына-соҥоотохпуна, оҕобун төннөрүөхтэрэ", – дии-дии кэтэҕин тарбанар Микииппэр. Н. Якутскай Оҕону дьонугар төннөрүҥ, Оҕуургут туймуутун сүөрүҥ! С. Васильев Эн миэхэ кэргэммин уонна оҕобун төннөрбүккэр ити төрөөрү сылдьар тыһы ыппын хаалларабын Чолбон
Өссө холобурдар (2)
Ким эмэ ханна эмэ төттөрү барарыгар сылтах буол. Θ Быть причиной для чьёго-л. возвращения куда-л. Микиитэ суруксут кыккыраччы аккаастаан төннөрбүтэ. Н. Якутскай [Кыһыл буойун] Түөкүн фашист түүҥҥү суорун Түүтүн үргээн төннөрүө. Эллэй. Түүн сыппакка, күнүс олорбокко, Түөрт сылы уот сэриигэ ыыппыппыт, Өлөрбүтү өрүү төннөрбөккө, Үлтү сыспыппыт, даамын ылбыппыт И. Эртюков
4 туохтуур #
Туох эмэ уруккуну хат эргилиннэр, баар гын
Нууччалыы Возвращать прошлое, прокручивать обратно то, что было в прошлом
Оо, хайдах төннөрүөхпүтүй Бу өлөрбүт сылларбытын, Хайдах курдук харыстыахпытый Хойутаан булбут дьолбутун! Н. Харлампьева Урут буолбуту төннөрөн аҕалан сэһэргээһини, киллэһик эпизодтары, лирическэй, философскай төхтүрүйүүлэри -- манна аҕыйаҕа суоҕу көрсүтэлиэххэ сөп ХС
5 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кэҕиннэр, буомурт
Нууччалыы Приводить кого-что-л. в упадок
Үтүө тыл үтүөрдэр өлүөҕү, Өргөс тыл төннөрөр үөскүөҕү. Айталын. [Гитлер сэриилэрэ] Кэлэр бөҕөнү кэҕиннэрэргэ, Төрүүр бөҕөнү төннөрөргө, Дьоллоох дьолун тоҕорго -- Үтүөкэлээх Ийэ дойдубутун Өҥөйөн тиийэн кэллилэр. Саха нар. ыр. III. Айылҕа барахсан бэйэтэ кэҕиннэрбитин, төннөрбүтүн хаһан эрэ чөлүгэр түһэриэхтээх эбээт. Онуоха эбии бэйэ өттүттэн үлэ тэрээһинин тупсардахха, дьону түмнэххэ сатанар Чолбон
6 этии #
Нууччалыы Взять свои слова обратно
Этиилэр
Эппит тылгын (этиллибити, этиллибит тыллары) төннөр
эппит тылгын уларыт, төттөрү ыл Көрбүт хараҕын чыпчылытыа, Туппут илиитин мүччүрүтүө, Эппит тылын төннөрүө суох Кытаанах санаалаах Кыыс дьахтар быһыылаах.
Этиллибит тыллары төннөрбөккүн. Сороҕор итинник алҕас тыллар тааһынан тамнааттанар кэриэтэ буолааччылар.
Н. ЛугиновСр. др. -тюрк. дөндүр