Перевод с якутского
хардар
туохтуур
Нууччалыы совершить какое-л. действие, обусловленное чужим действием, ответить чем-л. кому-л
English (transitive) to answer (a question), to reply, to respond
1 туохтуур #
Ким, туох эмэ хайдах эмэ быһыыламмытыгар эппиэттээн, утары тугу эмэ гын, оҥор
Нууччалыы Совершить какое-л. действие, обусловленное чужим действием, ответить чем-л. кому-л
Саалаах-сэптээх этэрээттээх полиция начаалынньыга, бу хара норуот буунугар тугунан хардарыан була сатаабыт курдук, төттөрү-таары хаамар. Эрилик Эристиин Бандьыыттар эмиэ хардаран ыталлар. И. Бочкарёв Кинилэр үтүөнү оҥорбут киһилэригэр хаһан даҕаны мөкүнэн хардарбаттар Улдьаа Харалы
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ хоруйдаа, эппиэттээ (ыйытыыга эбэтэр кэпсэтиигэ быһаарсан)
Нууччалыы Отвечать (напр., на приветствие), давать ответ кому-л. (на вопрос)
Бу сырыыга көбүөлээбэккэ, аҕалыы сымнаҕастык ыйытта да, аргыһа тугу да хардарбата. И. Гоголев Биирдэстэрэ саҥардаҕына иккиһэ хайаан даҕаны хардарар. Н. Якутскай Дорооболоспутугар куорат киһитэ төбөтүн өндөтөн бүтэҥи куолаһынан хардарда Т. Сметанин
3 туохтуур #
Аһаран, куоһаран ой (атах оонньуутугар); кэлин атаххынан илин атаҕыҥ суолун куоһары үктээ (сиэлэригэр, сүүрэригэр – сүүрүк ат туһунан)
Нууччалыы Прыгать дальше обозначенной метки (в состязаниях в прыжке); идти, бежать, переступая задними ногами следы передних (характерно для особо резвого скакуна)
Биһиги уолбут хас биирдии туоһу ырааҕынан хардаран кылыйда. [Соноҕос] сиэллэҕинэ, балтараалыы ыллар харыһы хардарар. Амма Аччыгыйа Хоннохторо аһыллан уйуһуйбут аттар кэлин туйахтара илин туйахтарын суолларын хардаран биэрдилэр Ойуку