ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хоруй

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы соскоблить, удалить с поверхности чего-л., соскрести что-л., скребя чем-л. острым

English reply, response

Ис хоһооно · 6
I

1 туохтуур #

Тугу эмэ туохтан эмэ биилээҕинэн күрдьэн кыһый, хоҥнор

Нууччалыы Соскоблить, удалить с поверхности чего-л., соскрести что-л., скребя чем-л. острым (напр., лёд со ступенек или остатки пищи с металлической посуды)

  • Илларион, суол уонна көҥүс икки ардыгар тимир күрдьэҕинэн, баһымньынан сир кырсын хоруйар.
    М. Доҕордуурап
  • Кирилиэс мууһун хоруй
    ЯРС

2 туохтуур #

Тугу эмэ ыһаары, олордоору сири тиэр, хорут

Нууччалыы Взрыхлять почву, вспахивать землю для посева чего-л

  • Бурдук ыста. От оҕуста. Сир хоруйда. Сиэмэ ыста.
    А. Софронов
  • Үс төгүл кирээдэтин ардын суханан хоруйбут.
    Суорун Омоллоон
  • Хас биирдии хаһаайын бэйэтин лоскуй сирин суханан, хоруурунан, баһымньынан хоруйан муҥнанара
    БИД

3 туохтуур #

Бытыккын бириитибэнэн төрдүттэн быс, бириэйдээ

Нууччалыы Брить, бриться

  • Бытыгы хоруйдахха хойдор куолута.
    М. Доҕордуурап
  • Эргэ сыппах бириитибэ Макар иэдэһин хара дороххой түүтүн хоруйан чычыгыратар. М. Шолохов (тылб.)

4 туохтуур #

Туох эмэ мэһэйтэн иҥнэн эбэтэр оннук иҥнибит курдук эмискэ тохтоо

Нууччалыы Внезапно остановиться, натолкнувшись на что-л

  • Саҥардыы хомуллан эрэр тыраап тумсугар массыына кэлэн хоруйа түһэр.
    Н. Якутскай
  • Ааҥҥа кэлэн хоруйан турар ат үрдүттэн киһи атахтара бокуойа суох чороҥолоотулар
    ХС

5 этии #

Этиилэр

Умса хоруй (түс) көр түс I

  • Эһэ ойбут күүһүгэр тэптэрэн ыраах буорга умса хоруйда уонна турбакка үллэҥнии сытта.
    Болот Боотур
  • Оҕонньор бастаан сөрүөстэ түстэ, -- сүүһүнэн тоҥ чигдигэ умса хоруйа түстэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
  • Ытарбын кытта ньиэмэс умса хоруйа түстэ, атахтарынан салгыны тэбиэлээмэхтээтэ.
    Т. Сметанин
  • Ср. др. -тюрк. хаз ‘копать’, монг. хару ‘скоблить, тереть’
II

6 аат тыл #

Ыйытыыга хардаран саҥарыы, харда эппиэт

Нууччалыы Ответ на заданный вопрос, отклик на обращение

  • Биир кыыстан Миисэ суругу тутан баран, бэл хоруй суруйбатаҕа.
    Н. Габышев
  • Мин боппуруоһу эмиэ сатаан өйдөөбөккө, хоруйа суох аһардым.
    Н. Заболоцкай
  • Арамаан Хончос тылларын барытын ылыммыта да, хоруйун тугу да тута эппэккэ хаалбыта.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. алт. каруу, маньчж. кару, бур. харюу ‘ответ’

«Х» буукуба