Перевод с якутского
харда
аат тыл
Нууччалыы встречное действие, обусловленное чужим действием или ситуацией, ответ, отплата
English answer, reply, response
1 аат тыл #
Киһи үтүөтүн тугунан эмэ төлөөһүн; ким эмэ туох эмэ оҥоһуутугар утары хардыы
Нууччалыы Встречное действие, обусловленное чужим действием или ситуацией, ответ, отплата
Үстүү мүнүүтэ буола-буола үөһэ тыынаҕын, хардата суох таптал туһунан хоһоон ааҕаҕын.
Н. ЛугиновДьон да хардата, утары уунара суох буолбаттара, илии тутуурдаах ыыталлара: сорох Мэчикээҥҥэ сиикэй арыы симэрэ. С. Маисов Хардабыт – таһаарыылаах үлэнэн, производствоны хаҥатыынан буолуохтаах Саха с
2 аат тыл #
Ыйытыыга, сурукка эппиэт, хоруй
Нууччалыы Ответ на вопрос, на письмо
Кэһии ыытыллыбыта ыраатта да, хантан да харда кэлэн биэрбэтэҕэ. И. Федосеев Биир оннук сурукка: "Эн суруккар харда оптуорунньукка бэриллиэ". П. Филиппов Сурук хардата өр кэтэһиннэрбэтэҕэ, Чаҕылга военкоматтан бэбиэскэ тиийэн кэлбитэ С. Никифоров