Перевод с якутского
эппиэт
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы высказывание, сообщение, вызванное вопросом, ответ
English reply
Ис хоһооно · 5
1 аат тыл #
Ыйытыыга хоруй, харда
Нууччалыы Высказывание, сообщение, вызванное вопросом, ответ
Хаппытыан хаһан да Халлаанын эрэнэр, Мэлдьи биир эппиэтэ Биһиэхэ иһиллэр. П. Тобуруокап Миитэрэй ити боппуруостарга эппиэт көрдүү сатыыр да, туһа суох. Күрүлгэн. Дьүкээгирдэр хантан кэлбиттэрэй? Бу ыйытыыга чуолкай эппиэт суох КАВ ХНК
2 аат тыл #
Туохха эмэ (хол., сурукка) харда
Нууччалыы Реакция, отклик на что-л. (напр., на письмо)
Чүөчээски үнүрүүн укпут суруга суох гынан баран, ханнык да эппиэт мэлигир этэ.
Суорун ОмоллоонҮрдүк сололоох ыраахтааҕы көрдөһүүнү ылыммытын туһунан Ис дьыала миниистирин суһал эппиэтэ кэлбитэ. П. Филиппов Сеня кини суругун ылбыт буолуохтаах, туох эрэ эппиэт кэлэр? М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
Эппиэт да тыл суох. ПЭК СЯЯ. Орунбаевтар сөбүлээбит эппиэт тэлэгирээмэлэрэ ылыллыбыта. Эрилик Эристиин Бүтэрээччилэр ааттарыттан кылаас старостата Алена Никитина эппиэт тылы эттэ Т. Находкина
3 аат тыл #
Садаача суотун, ханнык эмэ соругу, боппуруоһу быһаарыы түмүгэ
Нууччалыы Результат решения задачи, проблемы, ответ
Учуутал остуолугар оҥоһуллубут аналлаах таблоҕа оҕолор эппиэттэрин көрдөрөр кыра лаампалар умайаллар.
Н. ЛугиновСеня эксээмэҥҥэ билиэтигэр куруук толору эппиэти биэрэр. ХС Математика уруогар садаача эппиэтин бэйэ толкуйдаан таһаарбытыттан ордук үөрүү кыра оҕоҕо суох ПАИ СМС
4 даҕааһын #
суолт. Хоруйдуур, хардарар
Нууччалыы Совершаемый в ответ, ответный
эппиэтинэс диэн курдук. Өйдөтүүлээх үлэ нуктаан, Өрөбөлүссүөннэй кылаан сыппаан, Илиилэрин аллара ыһыктыбыттар, Эппиэтэ суох алаарыһа сылдьыбыттар. С. Васильев Сиэбит-аһаабыт, уорбут-алдьаппыт өттө билигин суут иннигэр эппиэти сүгэр. В. Титов “Буруйдаахтары эппиэккэ тардыбатахха, үлэ дьиссипилиинэтэ ыһыллыан сөп!” – Ордуосап лоп бааччы саҥарда. “ХС”
5 этии #
Нууччалыы Человек, который действует по личному произволу, самодур
Этиилэр
Эппиэтэ илиитигэр
олус бардам, кими да истибэт (киһи) Ээ, ол киһи эппиэтэ илиитигэр