Перевод с якутского
харай
аат тыл, туохтуур
Нууччалыы ухаживать; сохранять; заботиться
English to care for, to preserve, take care of
Ис хоһооно · 6
1 аат тыл #
Нууччалыы ухаживать; сохранять; заботиться
English to care for, to preserve, take care of
малгын үчүгэйдик харай береги свои вещиtake good care of your belongings уол балтын харайар мальчик смотрит за младшей сестройthe boy takes care of his younger sister
2 туохтуур #
Тугу эмэ кичэйэн уур, тут, сөптөөх оннун буллар
Нууччалыы Помещать, определять что-л. куда-л.; хранить, беречь, держать что-л
Киһим мин сэлээппэбин, бартыбыалбын ханна эрэ харайа оҕуста. Н. Габышев Мантан элеваторга, бурдугу кыайан ыраастыыр уонна сүтүгэ суох харайар сиргэ биир да туорах хаалбакка барыах тустаах. Л. Брежнев "Быйыл хортуопуй, хаппыыста бөҕө үүннэ, харайар сир суох буолла, дьэ иэдээн!" – дэсиһии, мунньах аайы моргуһуу. КФА СБ
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ кыһаллан көр, бүөбэйдээ
Нууччалыы Окружать заботой кого-л., заботиться о ком-чём-л
Аны Марыына Тойболу харайар, була-була көмөлөһө сатыыр.
Н. ЛугиновОнно ас дэлэй үһү, умнаһыты мээнэ харайаллар үһү, кини умналаан мээнэ булабын диир. Эрилик Эристиин Оттон Манаана кинилэри күн аайы хайдах үчүгэй ыанньыксыт буоларга, ынаҕы хайдах харайарга, ынахтан хайдах элбэх үүтү ыларга уһуйара И. Данилов
4 туохтуур #
Көмөлөһөн, үтүө оҥорон туохта эмэ биэр
Нууччалыы Помогать, оказывать кому-л. милость, помощь
"Хара тыа харайдаҕына, тайах этэ сиэхпит", – дии-дии харчыга илиитин уунна. Баһыыбалаат, киэпкэтин кэтэ-кэтэ, тахсан барда. С. Руфов "Дьэ хотунум Маарыйа, оҕом туһугар туохта эмэтэ харай, аһын-харыһый…" – диэтэ [Кэтириис]. ОИП Х. Хара бытык сүгүрүйэр уонна этэр: "Уолчааныам, умнаһыкка харай" ПНО
5 туохтуур #
Сөбүлээбэт буола-буола киһиэхэ тугу эмэ төннөрөргө, "чэ, мэ, ыл" диэн дьаһайар суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы Выражает значение недовольства тем, что приходится кому-л. что-л. возвращать или отдавать "на, забирай"
"Мэ, бу иһиккин харай", – диэтэ Хара Бытык, быдараахпын быраҕан биэрэ-биэрэ. Н. Неустроев "Дулҕалааххын" харай, мунньаҕа-моргуора да суох төннөрөөрү кэлэн сытабын Амма Аччыгыйа
6 туохтуур #
Өлбүт киһини сиэрин-туомун толорон көмп
Нууччалыы Похоронить, предать земле кого-л. подобающе
Сайыҥҥы киһини төһө өр сытыарыахтарай, кэтэһиннэрэ сатаан баран харайдахтара дии.
Н. ЛугиновКинилэр аҕыйах хонон баран, киһилэрэ быстыбыт сураҕын истибиттэрэ, иккиэн баран доҕордорун харайан, буору булларан кэлбиттэрэ. ХС Миитэрэй Ыстапаанабыһы биир дойдулаахтара улаханнык чиэстээн харайбыттара Күрүлгэн
Өссө холобурдар (4)
Көмөлөс, босхолоо, өрүһүй (таҥара кими эмэ анараа дойдуга ыларын туһунан). Θ Взять, прибрать, призвать к себе (о боге). [Манчаары:] Айыы тойон таҥара, Айыылаах дуусабын харайан, Абыраатаҕыҥ баҕас дуу. А. Софронов Маайа -- кириэстэнэн барда. "Айыы тойон, сырдык тыыммын сымнаҕастык харай!" – диэтэ. Эрилик Эристиин Мин сэгэрдэрбин айыы таҥара бэйэтэ харайбыта. А. Сыромятникова Ср. ДТС хара ‘смотреть’, каракалп. карау ‘присмотреть’