Перевод с якутского
харыһый
туохтуур
Нууччалыы неохотно расставаться с кем-чем-л., жалеть, скупиться
English to protect, care for
1 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ тугу эмэ биэрэргин кэрэйэ санаа, туттун
Нууччалыы Неохотно расставаться с кем-чем-л., жалеть, скупиться
Оҕоҥ туһугар бүтүн баайгын туран биэриэх буоларыҥ. Ол сэттэ сүөһүнү харыһыйыма. Софр. Данилов. [Сылгыһыт Сүөдэр:] Хайыахпыный. Биир сыарҕа оту харыһыйыам дуо! И. Гоголев Харчыгын харыһыйа олороҕун дуо? Сүөһүнү туттарбар тиийэбин А. Николаев
2 туохтуур #
Кими эмэ аһын-абыраа, амарах санаалан, ким эмэ туһугар кыһан, кыһалын
Нууччалыы Жалеть, чувствовать жалость, сострадание к кому-л
Тула өттө тула барыта туора дьон киһини аһыныах, харыһыйыах быһыылара биллибэт. Н. Якутскай Аһыныгас санаалаах артыалым дьоно, истэн харыһыйыҥ. М. Доҕордуурап Бэйэлээх бэйэҥ оҕоҕун аһын, харыһый, ууга-уокка анньыма ФЕВ УТУ
3 туохтуур #
Кими, тугу эмэ көмүскээ, араҥаччылаа (хол., ханнык эмэ күөмчүлүүр күүстэн)
Нууччалыы Защищать, заступаться за кого-что-л., покровительствовать кому-чему-л
Хаарыан эдэр саастаах Хабырыыс Паабылап Хаан-уруу дойдутун харыһыйа, Хара суордары хампарыта хайҕаллаах Кыһыл Аармыйаҕа ханыылаһан барбыта. Саха нар. ыр. III. "Таҥара барыбытын көрөр, барыбыт кыһалҕабытын билэр уонна харыһыйар", – диэбитэ Николка. Ойуку. Бухатыырдар [олонхоҕо] бэйэлэрин аймахтарын уонна бары күн сирин дьонун харыһыйар иннигэр сылдьаллар ССЛИО