ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүскэс

даҕааһын, аат тыл, туохтуур

Нууччалыы защитный

English defensive, protective

Ис хоһооно · 4
I

1 #

көмүскээ 1-3 диэн курдук. Олус саҥаран туох диэтим? Эн кинини эмиэ тоҕо көмүскэстиҥ? А. Софронов. Кыыһыҥ эн курдук, эмиэ кубулҕаттаах. Ону көмүскэһэн бардыҥ дуо? М. Доҕордуурап

  • көмүскээ диэнтэн холб. туһ. Саҥа былааһы саа тутан көмүскэспиттэрэ.
    Н. Степанов
  • Кини Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр биэс сыл сылдьан, төрөөбүт дойдутун ньиэмэс сиэхситтэриттэн көмүскэһэн баран, дойдутугар эргиллэн иһэр. М. Доҕордуурап
II

2 аат тыл #

Кими эмэ кимтэн, туохтан эмэ көмүскээн харыстааһын

Нууччалыы Заступничество, покровительство

  • Көмөлтө, көмүскэс көрдөспүт курдук, Көппөҕөр түөһэ күөрэҥнии-күөрэҥнии, Уҥуор-маҥаар урсунун одуулуу, Туналҕаннаах ньуурун тутта турбута.
    А. Софронов
  • Көмүскэскэ иитиллибит оҕо хайаан да биллэр-көстөр омсолордоох буолар. ЧКС ОДьИи. - Бу алдьархайтан Быыһаа, - дии-дии Аан дойду дьоно Арассыыйа диэки хайыста, Күн сирин дьоно Көмүскэс көрдүү турда
    С. Васильев

3 даҕааһын #

суолт. Кими эмэ саҥардыбат, мөхтөрбөт

Нууччалыы Оказывающий заступничество, защиту, покровительство

  • Оҕо доҕорун туһугар олус "ыалдьар", энчи тылы көрбөт, көмүскэс буолар. ЧКС АК. Сорох дьон оҕолорун туһугар аадырыстаммыт тылга ордук уйан, көмүскэс буолаллар эбит
    ЧКС ОДьИи

4 этии #

Көмүскэс сүрэхтээх фольк. - аһыныгас, уйан дууһалаах Көмүскэс сүрэхтээх күнүм дьонноро. Саха фольк. Көмүскэс сүрэхтээх күн сиэнэ киһи Күөх лабаа күлүгэр сүгүрүйэрэ. Баал Хабырыыс. Илиэһэй улууһуттан Эн буоллаҕыҥ, Көмүскэс сүрэхтээх Күн айыы улууһуттан Мин буоллаҕым. ТТИГ КХКК

Нууччалыы Сердобольный, сострадательный, жалостливый

«К» буукуба