ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүскээччи

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы тот, кто защищает, охраняет, оберегает кого-что-л.; защитник

English defensive, protective, intercessory

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Кимтэн, туохтан эмэ быыһыыр, харыстыыр киһи

Нууччалыы Тот, кто защищает, охраняет, оберегает кого-что-л.; защитник

  • Ким барытын өйө-санаата оччолорго Сталинград көмүскээччилэрин кытта бииргэ, кинилэр кэккэлэригэр этэ. ИИФ УС. Бүлүмүөт кутаа уота даҕаны, эписиэрдэр чаастарын "психическэй" атаакалара даҕаны "Саһыл сыһыы" дьоруой көмүскээччилэрин хорсун бойобуой санааларын булгуруппатахтара
    Ленин с

2 аат тыл #

суут-сок. Буруйданааччыны көмүскүүр киһи; албак аат

Нууччалыы Тот, кто отстаивает на суде интересы обвиняемого; адвокат, защитник обвиняемого

  • Суукка көмүскээччи көрдүүбүн.
  • Сууттанааччылар уонна көмүскээччилэрэ араас сылтахтарынан силиэстийэлээһини уһата сатыыллар
    Кыым

3 аат тыл #

Туох эмэ санааны, этиини кырдьык, таба диэн өйөөччү, ол туһугар мөккүһээччи

Нууччалыы Тот, кто поддерживает кого-л., отстаивает чье-л. мнение, предложение, апологет

  • "Эн курдук -- кулаактары көмүскээччи дьон манна суохтар", - диэтэ.
    П. Ойуунускай
  • Көмүскээччи -- этэригэр Ваня дьэ уһуктан, сирэйэ-хараҕа туран, сэргэҕэлээн, сүр сытыы, көрдөөх баҕайытык тыл быраҕа олордо
    Амма Аччыгыйа

4 аат тыл #

Туох эмэ саҥаны оҥорон, суруйан дьон дьүүлүгэр туруоран, сөптөөҕүн, табатын дакаастыыр, көмүскүүр киһи

Нууччалыы Тот, кто защищает новую работу, проект и т. п

  • Дипломнай үлэни көмүскээччи элбэх ыйытыыларга эппиэттээтэ

«К» буукуба