Перевод с якутского
харыһык
аат тыл
Нууччалыы то, с чем жалко расставаться, что-л. ценное
1 аат тыл #
Туох эмэ киһи аһыйара, харыһыйара
Нууччалыы То, с чем жалко расставаться, что-л. ценное
Биир олооччу этэрбэс. Чэ, ол баҕас харыһыга суох таҥас буолуохтаах. Н. Заболоцкай Кини [хаарты] хайдах ночооттооҕун-хоромньулааҕын аҕыннахха, төһөлөөх үбү-аһы, таҥаһы, сүөһүнү туох да харыһыга суох ыытан кэбиһэллэр Эрилик Эристиин
2 аат тыл #
Көмүскэл, харысхал (кимиэхэ, туохха эмэ дурда-хахха буолааччы)
Нууччалыы Защитник, заступник (тот, к-рый защищает, заступается). [Кыһыл Аармыйа] Быстыбыт аймаҕар харыһык буолаҥҥын, Былыргы былааһы умсары уураҥҥын, Көччүйэн үөскээбит хотугу кыраайбыт Көҥүлүн көмүскээн, көмөҕүн көрдөрдүҥ
Хас биирдиибит харыһык буолбута Хаарыаннаах Ийэ дойдутугар. Эллэй. Ыл эт эрэ, көмүскэлэ, харыһыга суох кыысчааҥҥа араас сымыйа дойҕоҕу үрүт-үрдүгэр үөппэт үһүгүт дуо? И. Тургенев (тылб.)