ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

көмүскээ

туохтуур

Нууччалыы защищать от кого-чего-л.; заступаться за кого-что-л., оберегать кого-л. от чего-л

English to intercede, to protect, to stand up for

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Кимтэн, туохтан эмэ быыһаа, харыстаа

Нууччалыы Защищать от кого-чего-л.; заступаться за кого-что-л., оберегать кого-л. от чего-л

  • Таһыйаары гыннаҕына ийэбитигэр сөрөнүөхпүт. Ийэбит көмүскүөҕэ. Дьүөгэ Ааныстыырап. Иккиэйэх киһи бандьыыттары утары туруулаһар, кэпэрэтиип лааппытын малын көмүскүүр кыахтара суоҕа.
    Н. Якутскай
  • Илиҥҥи-арҕааҥҥы эҥээртэн Быгыахтыыр сидьиҥтэн Ийэ сир көҥүлүн көмүскээн, Кытаатыҥ, эрэттээр
    А. Абаҕыыныскай

2 туохтуур #

Киһи туохха эмэ буруйданарын утар, буруйдааччыларга кини буруйа суоҕун өйдөт

Нууччалыы Доказывать невиновность кого-л., защищать (в суде), заступаться за кого-л

  • Суукка буруйдааҕы көмүскээн тыл эттэ.
  • [Чоочо - эмээхсиҥҥэ:] "Түөкүн, ороспуой-уоруйах уолгун көмүскүүгүн дуо?", - диэн саҥарпат.
    Саха фольк
  • [Суоппуйа:] Чэ, эн төһө да көмүскүү саҥарбытыҥ иһин, кэм булан сылдьар оҕо буолуо
    Эрилик Эристиин

3 туохтуур #

Туох эмэ санааны, этиини кырдьык, таба диэн өйөө, ол туһугар мөккүс

Нууччалыы Выступать в поддержку кого-л., отстаивать чье-либо мнение, интерес, солидаризуясь с ним

  • Кэлэктиип миниэнньэтин көмүскээ.
  • Бэртээхэй тыллар, - Айааны Никита көмүскээтэ
    Н. Лугинов

4 туохтуур #

Туох эмэ саҥаны оҥорон, суруйан дьон дьүүлүгэр туруоран, сөптөөҕөр, табатыгар итэҕэт

Нууччалыы Защищать (напр., диссертацию, проект и т. п.)

  • Үйэтин-сааһын тухары сыралаһан кэлбит үлэтин чөмчөтөн, дуоктарыскай диссертациятын, туох да омуна суох, чаҕылхайдык көмүскээтэ.
    Н. Босиков
  • Кууһума кинилэри кытта былырыын саас дипломун бииргэ көмүскээбитэ, онон үчүгэйдик билэр. Тумарча. Аҕыйах хоноот обсерватория салалтата бырайыагы көмүскүү соҕуруу көппүтэ
    В. Яковлев

«К» буукуба