ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыһан

туохтуур

Нууччалыы нужда

English (with dat.) to need, to have a need

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Нууччалыы нужда

English (with dat.) to need, to have a need (for)

  • таҥаска кыһаналлар
    им нужна одеждаthey need clothes

2 туохтуур #

Тугу эмэ кичэйэн оҥоро сатаа; туох баар күүскүнэн оҥор

Нууччалыы Стараться (делать что-л.); прилагать к чему-л. все усилия. [Кулуба] Мин дьыалабар кыһанаар

  • Эрэйгин кэллэххинэ төлөнүө буоллаҕа.
    Н. Неустроев
  • Тогойкин, кыһаннаҕына, итинннээҕэр өссө сытыытык иһиирэр киһи этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Суруйааччылар дэҥ кэриэтэ ханнык эмэ герой аата туохтан төрүттээҕин быһаарарга кыһаналлар
    ФЕВ УТУ

3 туохтуур #

Туохха, кимиэхэ эмэ болҕомтоҕун уур, туохтан эмэ дьиксин (буолб. ф-ҕа тут-лар)

Нууччалыы Обратить внимание на кого-л., принять во внимание что-л., беспокоиться о чем-л. (употр. в отриц. ф.). Үрүҥ Уолан үстэ да өллүн, Онно мин Олус кыһаммаппын

  • Сөдүөччүйэ саҥатыгар кыһаммакка, Миитэрэй оһох уотун күөдьүттэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Булчуттар ытыалаан уйуһутан истилэр -- андылара кыһаммат
    Н. Заболоцкай

4 туохтуур #

Туохха эмэ наадый, кыһарыйтар

Нууччалыы Нуждаться в чем-л., испытывать нужду

  • Уолан киһи обургу -- Уолугунан тыынна, Оройунан оонньоото, Ойууру одуулаата, Ойоххо кыһанна.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Харчыга олус кыһаммыт үһү, онон икки хонук иһигэр куччугуйа биэс тыһыынчата ыытыаҥ үһү диэр.
    С. Ефремов
  • Ср. хак. кичен 'заботиться о чем-л.; настаивать на чем-л.; прилагать усилия к чему-л. '

«К» буукуба