Перевод с якутского
быстарыы
аат тыл, аат
Нууччалыы временная нужда, ограничение в чем-л
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Быстах кэмҥэ тугунан эмэ тутайан хааччахтаныы
Нууччалыы Временная нужда, ограничение в чем-л
Саҥа иэскэ тэптэрии, хабалаҕа хаптарыы, бырыһыаҥҥа быстарыы хайа онтон тахсаарай?! Күннүк Уурастыырап Быстарыы да кэмнэригэр, кини син бултаан-алтаан өрүһүйтэлиирэ. И. Бочкарев Тэҥн. быстыыҥка
2 аат #
быстар II диэнтэн хай. аата. От үрэхтэргэ дулҕатын быстарыы, илдьириттэрэн ходуһа оҥорууну кытта уутун режимин тупсарыы улахан оруоллаах. ПАЕ ОС
3 аат #
түөлбэ. Өрүс арыытын быһа охсор аппа, көҥүс курдук кыараҕас төбүлэх
Нууччалыы Узкая оврагообразная протока, пересекающая речной остров
Бу быстарыынан бардаххына, отууга тиийиэҥ. Арыыны ортотунан улахан быстарыылаах
4 этии #
Быстарыы мэһэмээн түөлбэ - быстахха туттуллар кыра чабычах, мэһэмээн Дьиэҕэ-уокка күн аайы туттуллар араас убаҕас аһы кутарга аналлаах туос иһиттэри, холобур, кыра кээмэйдээх оҥоойуктары, быстарыы мэһэмээннэри, мээрэйдэри, үүт, уу кутар улахан ыаҕастары тигэллэр. ПИО ТС
Нууччалыы Небольшая берестяная посуда для короткого пользования