Перевод с якутского
быстах
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы обломок; отрывок
English fragment, excerpt
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Нууччалыы обломок; отрывок
English fragment, excerpt
2 даҕааһын #
Нууччалыы прерывистый; случайный
English intermittent, occasional
3 даҕааһын #
Кылгас кэмнээх, түргэнник ааһар, тохтуур
Нууччалыы Временный, преходящий, проходящий быстро
Быстах ардах. Быстах тыал. Быстах бириэмэ. Быстах тымныы. Быстах тутуу. Быстах былаас. Бу быстах тутуу элбэҕин! Олбуордар, ыскылааттар, хоспохтор хойууларын!
Н. ЛугиновБыстах кэмҥэ олоруум, Москва киһитэ дэнэбин. Баксаалга күүтүө доҕоруом, Ахтан, амньыраан тиийиэҕим Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (2)
Сатаан саҕаламмат, дьаарыстаммат саҥалар быстахтара иһиллэллэр: “Ооккоом,”... “Бабушка,”... “Мэнигилээмээр”... Амма Аччыгыйа Тутаҕы, быстаҕы тулуйан Тумнарга үөрэн эн, Үлэлээ өрүүтүн сэмэйдик, Үлэлээ үгүстүк; Үчүгэй, үйэлээх Үлэттэн төрүттээх Күннүк Уурастыырап
4 даҕааһын #
Аҕыйах ахсааннаах, кыра эбэтэр түбэспиччэ буолар, көстөр
Нууччалыы Немногочисленный; случайный
Боччумнаах булка сылдьан быстах куска-балыкка аралдьыйар сатаммат. Амма Аччыгыйа Наахаралар кыра быстах ийэ ууһугар улахан суостаах-суодаллаах, күүстээх-хааннаах дьон эбиттэр Эрилик Эристиин Быстаҕы саҥардаҕым, Туспаны туойдаҕым, Буоһата суоҕу Ботугураатаҕым буоллун! А. Софронов
5 аат тыл #
Туох эмэ быһыллан, хайытыллан араарыллыбыт сороҕо
Нууччалыы Отрезок, обломок, обрывок чего-л
6 аат тыл #
Туох эмэ туһата, суолтата суоҕа
Нууччалыы Незначительная, ничтожная, несущественная часть чего-л
7 этии #
Нууччалыы Несчастный случай, неожиданная смерть
Этиилэр
Быстах симиэрт көр быстах былаҕай
Ол эрээри тоҕо маннык оҕо курдук быстах симиэрт айаҕар киирэн биэриэй? П. Ойуунускай. Абыраамаптаах туох да силиһэ-мутуга суох быстах симиэртэр эбит. Л. Попов. Быстах ыйаахтан - кылгас үйэлэн, эрдэ өл.
Умереть преждевременно, рано.
Тыл иҥнэҕинэ, Аат хонноҕуна, Сэттээх-сэлээннээх буолуо: Быстах ыйаахтаныа, Суомах оҥоһууланыа, Өтөр үйэлэниэ. Өксөкүлээх Өлөксөй
8 этии #
Нууччалыы Небольшая туча (напр., грозовая)
Быстах былыт - кыра, кылгас кэмҥэ ардыыр былыт (хол., этиҥ былыта) Күн ойоҕолуу көрөн турдаҕына, быстах былыттан өҕүөмэр ардах түһэн ааһар эбээт. Амма Аччыгыйа Быстах былыт уһулу ойон тахсан, ханна түһүөн мунчаарбыт элиэлии, хочону эргийэ көттө. С. Федотов Кэлэн истэхпитинэ, быстах былыт ибиирэн, таҥаспытын илитэн, тоҥон бардыбыт. Н. Габышев