ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

быстахтык

Нууччалыы недолго, ненадолго

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Хайдах бу манныгый, Хараҥа барыгый? Былыттан, саатар, ый Быстахтык быкпатый?
    Күннүк Уурастыырап
  • Тыал ыраастык суйдаабыт, быстахтык түһэн ааспыт самыыр сууйбут күөх халлааныгар, күн чэмэлийэ тыган, күөгэйэ-күлүмнүү турара.
    В. Протодьяконов
  • [Чокуурап] күһүн куобаҕын, балыгын да үксүн быстахтык сылдьан, ыксалга бултаһара
    Н. Габышев

2 #

Өр буолбакка, кылгас кэмҥэ, кылгастык

Нууччалыы Недолго, ненадолго

3 #

Ситимэ суохтук, ойом-ойом

Нууччалыы Отрывочно; отдельно; бессистемно

  • Утуу-субуу быстахтык хаба тардан бэлиэтээһиннэри, тэттик уочаркалары, публицистическай ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Эрчимэн. Туохтан да тардыммакка дорҕоонноохтук этиллибит тыллар, тыа суугунугар баһыйтаран ырааппакка быстахтык иһиллибиттэрэ.
    В. Яковлев
  • [Кыһыл бартыһаан] Өлүүлээх бааһыттан, хааныттан Өй-санаа туймааран, Бычыктык бөтүөхтүү тыыммахтаан, Быстахтык саҥарар
    А. Абаҕыыныскай

4 этии #

Быстахтык санан - 1) бэйэ олоҕун, туругун бигэтэ суоҕунан, түөрэккэйинэн аах Бөтүҥнэр бэйэлэрин быстахтык сананар буолан, туораттан өлөрө-алдьата кэлэр күннээх буоллахтарына, бэйэлэрин көмүскэнэр бэлэм сэптээх этилэр. Эрилик Эристиин; 2) уһуну-киэҥи санаабакка, олохтоохтук толкуйдаабакка эрэ тугу эмэ оҥор. Делать что-л. необдуманно. Оччолорго миэхэ эн суоҕуҥ. Соҕотох кыһалҕатын, баттал эрэйин тулуйумуна, быстахтык санаммытым. Н. Заболоцкай

Нууччалыы Считать свое положение, состояние непрочным

«Б» буукуба