ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элэс

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы ненадолго, кратковременно, недолго

1 сыһыат #

Быстахтык, кылгас кэм иһигэр

Нууччалыы Ненадолго, кратковременно, недолго

  • Дьиэлэригэр наар урут-хойут кэлэн, элэс курдук көрсөн ааһаллар. Н Лугинов. Этиэх бэтэрээ элэс түргэнник Элбэх сири эргийэ эҥистэ. И Чаҕылҕан. Ирина Сергеевна аан утары турар сиэркилэҕэ элэс курдук көрүнээт, таһырдьа таҕыста
    С. Никифоров

2 даҕааһын #

суолт. Сыыдам, дьулурҕа, түргэнтэн түргэн, быһыйтан быһый

Нууччалыы Быстрый, стремительный, проворный

  • Мин даҕаны Элик кыылы Эккирэтэн ситэр Элэс быһый этим.
    И. Чаҕылҕан
  • Элэс тыал эрийэн, эдэр тиит суулунна… Иэдэспит күлүмнэс ууланна. Эллэй. Айааровы, кыыһырбыт түгэнигэр, төһө да түргэнин-элэһин иһин, ол этэр харахпынан көрдүм, кини кимин-хайатын биллим.
    С. Дадаскинов
  • Ср. алт. элес ‘силуэт, неясное очертание, призрак’, каракалп. елес ‘иллюзия; призрак (привидение)’

«Э» буукуба