ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элэс гын

туохтуур · этии

Нууччалыы мелькнуть смутной тенью, промелькнуть

Ис хоһооно · 4

1 туохтуур #

Көрүөх икки ардыгар эмискэ көстөн баран сүтэн хаал

Нууччалыы Мелькнуть смутной тенью, промелькнуть

  • Хаһан эмэ мас быыһынан куттас куобах сүүрэн элэс гынан ааһар.
    Н. Неустроев
  • Эмискэ түннүгүнэн туох эрэ, күлүк курдук, элэс гынан ааһар.
    Н. Якутскай
  • [Мундербек] ытаабыт сирэйэ богуон кытыытынан элэс гынан хаалбыта
    Эрилик Эристиин

2 туохтуур #

Түргэн үлүгэрдик кимтэн эмэ күрэммит курдук эмискэччи сып гынан хаал, кимтэн эмэ мүччү туттар

Нууччалыы Торопливо уйти, убраться, незаметно ускользнуть, скрыться

  • Ол хаһан кини сыһыахтаан киириэр диэри элэс гынан хаалыах, доҕор, Микиитээ.
    Амма Аччыгыйа
  • Көмөлөһүннэрээри тулатын көрүммүтэ, Миша Надялыын ханна эрэ элэс гына охсубуттар. Н Лугинов. Ити бириэмэҕэ Куонаан, ойон тураат, таһырдьа элэс гынна
    А. Сыромятникова

3 туохтуур #

Эмискэччи өйгөр көтөн түһээт, сүтэн хаал, кылам гынан ыл (санаа туһунан)

Нууччалыы Вспыхнуть, появиться на мгновение, промелькнуть (о мысли)

  • “Эчи күтүр улаханын, доҕор!” – диэн санаа миэхэ элэс гынан ааста.
    Суорун Омоллоон
  • Миша сирэйигэр эрэл кыыма элэс гынна. “Абыраарыый” диэбиттии атаһын диэки көрдө.
    Н. Лугинов
  • Мусенька ити хайа эрэ аймаҕын оҕотун кытта сылдьар быһыылаах диэн санаа элэс гынна
    Күрүлгэн

4 туохтуур #

Биллибэтинэн ааһа охсон хаал (күн-дьыл туһунан)

Нууччалыы Пройти незаметно, промелькнуть (о времени)

  • Сүүрбэ хонук биллибэккэ, элэс гынан ааһыа. Софр. Данилов. Миша бастакы сыла өрө мөхсүү үөһүгэр адьас биллибэккэ элэс гынан ааспыта.
    Р. Кулаковскай
  • Атаака иннинээҕи түүн олус түргэнник элэс гынан ааспыта.
    КА

«Э» буукуба