ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чөм

сыһыат

Нууччалыы отдельно, аккуратно

1 #

Саас-сааһынан, бэрээдэктээхтик (тугу эмэ уур, харай)

Нууччалыы Отдельно, аккуратно (сложить, убрать что-л.)

  • Сэһэн Боло хомуйбут матырыйааллара бүтүннүү билигин ССК архыыбыгар чөм тутуллан уурулла сыталлар
    ХС

2 этии #

Нууччалыы Достойно, уравновешенно, спокойно (вести себя)

Этиилэр

Чөм-бааччы

1) чөм диэн курдук.

  • Быстарбыт, -- аччыктаабыт киһи бу бэлэм, кураанах мастан уот оттуо, чаанньык оргутан итии киллэриэ, бэлэм өйүөттэн аһыа, туох орпутун урукку оннугар чөм-бааччы төттөрү ууран кэбиһиэ.
    Н. Заболоцкай
  • [Юрий] эспит буора төттөрү тохтубакка, чөм-бааччы, ыраах түһүтэлиир.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (3)
  • Кинилэр үүтээннэригэр киирэн дьоһуннанан ыраас хаптаһынынан чөм-бааччы сабыллыбыт биэдэрэттэн уу истилэр. В. Катаев (тылб.); 2) Дьоһуннаахтык, дуоспуруннаахтык (тутта сырыт) Мылахов чөм-бааччы, кыра аайы ыгылыйбакка оргууй сылдьар бэйэтэ, ыараханнык үөһэ тыынан, ынчыктаан ылла.
    Н. Лугинов
  • Бэйэтин сатаан дуоспуруннаахтык, чөм-бааччы туттар киһи төһөлөөх да куруубай киһилиин сыһыаныгар дириҥ утарсыыга [конфликка] киирбэт. ПБН КСК
    Т. Ср
  • тув. чүм ʽповальныйʼ

«Ч» буукуба