Перевод с якутского
ойдом
даҕааһын, аат тыл, сыһыат
Нууччалыы отдельно, особняком, поодаль
Ис хоһооно · 4
1 сыһыат #
Ойуччу, туспа, туохтан эмэ тэйиччи
Нууччалыы Отдельно, особняком, поодаль
Кинилэр оскуолаттан тэйиччи, ойуур иһигэр ойдом турар дьиэҕэ тиийэн кэлбиттэрэ. И. Никифоров Атын очуоска ойдом олорооччу түс-бас туттарынан, өр буола-буола саҥарарынан уонна бөҕө-таҕа көрүҥнээҕинэн, аҕа хотой буоллаҕа буолуо. М. Попов Былыр от үрэхтэргэ, чоҥолох алаастарга ойдом олорбут биһиги өбүгэлэрбит аал уокка сүгүрүйүөхтэрин сүгүрүйэллэрэ Кыым
Өссө холобурдар (2)
Ой тыа ойдом мастара Отой дьоннор курдуктар. Тус-туспалар тастара - Томорооннор, нарыннар. Р. Баҕатаайыскай Неблина - намыһах хаптал хайа, боккуоп курдук быһыылаах олус туспа, ойдом дойду ЭБЭДьА
2 даҕааһын #
Туспа, ойуччу турар
Нууччалыы Находящийся в стороне, в некотором отдалении
3 даҕааһын #
Ураты, туспа
Нууччалыы Особенный, исключительный
Дьэ, дьикти сонуну кэпсээтиҥ, ол гынан баран ити ойдом түбэлтэ буолуон сөп.
КүндэКэпсээн - олох биир ойдом түгэнин хабар кыра айымньы Г. Васильев
4 аат тыл #
суолт., кэпс. Туох эмэ ойдубут быстаҕаһа, сорҕото
Нууччалыы Отколотый, отломанный кусок чего-л
Тириини сүлүүгэ өҥүгэр сыа, эт ойдомо, силгэ хаалбыт буоллаҕына, бэрт түргэнник ыраастыы охсуохха наада ТСКБ