ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

дьулуй

туохтуур

Нууччалыы стремиться

English to aspire to, to strive for

Ис хоһооно · 5

1 туохтуур #

Нууччалыы стремиться

English to aspire to, to strive for

  • үөрэххэ дьулуй
    стремиться к учениюto strive to learn

2 туохтуур #

Нууччалыы делать настойчиво

English to do something persistently

  • дьулуйан аах
    много читатьto read a lot
  • дьулуйан үлэлээ
    усердно работатьto work hard

3 туохтуур #

Тугу эмэ ситиһэ охсоору туохха да аралдьыйбакка, ылсыһан, кыһаллан-мүһэллэн оҥор

Нууччалыы Делать что-л. упорно, настойчиво, не отвлекаясь ни на что другое, налегать

  • Бу үрдүк үөрүүлээх күннэргэ биһиги хас биирдии бэйэбит туохтааҕар да ордук үлэбитигэр дьулуйуох тустаахпыт, табаарыстар.
    Амма Аччыгыйа
  • Наар үөрэҕин дьулуйан, аны математическай наука кандидата, өссө аҕыйах сылынан дуоктар буолуо үһү.
    Н. Лугинов
  • Хоно сылдьан дьулуйан үлэлээтэ
    М. Доҕордуурап

4 туохтуур #

Ис сүрэххиттэн туохха эмэ тардыс, баҕар

Нууччалыы Сильно желать, жаждать чего-л., стремиться к чему-л

  • Эмиэ салгын мүөтүн иһэ, Оҕо күөххэ дьулуйбут. Эллэй. Кини үлэтигэр дьулуйарын, сылайдым диэн хаһан да үҥсэргээбэт үгэстээҕин табаарыстара [билэллэр]
    Дьүөгэ Ааныстыырап

5 туохтуур #

Тугу эмэ (мэһэйдэри) силэйэн түргэнник инниҥ диэки бар

Нууччалыы Идти стремительно вперед, преодолевая все помехи

  • Норуоппут хараҕын ууларын, Тохтубут хааннарын иэстэһэ, Тус арҕаа Сэбиэскэй Аармыйа Тохтоло суох тоҕо дьулуйда.
    Күннүк Уурастыырап
  • Аарыма улахан кылбайбыт ледокол Арктика диэкиттэн Тиксиигэ дьулуйар.
    С. Васильев
  • Икки киһилээх кэлим муус сүүрүк хоту иҥсэлээхтик дьулуйан истэ
    И. Никифоров

«ДЬ» буукуба