Перевод с якутского
сах
аат тыл, туохтуур, ынырыы
Нууччалыы время
English time
Ис хоһооно · 10
1 аат тыл #
Нууччалыы время
English time
бу сахха в это времяat this time хайа сахтан? с каких пор?since when?
2 туохтуур #
Хататынан чокуур тааһы охсуолаан уотта ыл
Нууччалыы Высекать огнивом огонь из кремня
Хататынан уотта сах. Ньырбачаан эмиэ кыымы сахпыта, бу да сырыыга кыым эмиэ умуллубута. Далан [Нэк Ньукулай] удьурҕай хамсатын хостоон табах уурунна, кыаны кымаахтаан чокууру кытта бииргэ ыга тутта, хататын охсон сахта В. Протодьяконов
3 туохтуур #
Туох эмэ кытаанаҕы чабыйан сытыытык тыаһаа (хол., ат туйаҕын туһунан)
Нууччалыы Звонко стучать по чему-л. твёрдому (напр., о копытах лошади)
Дьиэлэр таас эркиннэрин лаһыгырыы саҕан, уулуссаны бүтүннүү ааллаан, тааҥкалар киппэриһэллэр. Амма Аччыгыйа Ытылҕан айаннаах табалар Ый уота ыһыллар муостаахтар! Ураһа уоттара кытыастар, Ууналааҥ, уот саҕар туйахтар! М. Тимофеев
4 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ туох эмэ санааны, иэйиини күөдьүт, туох эмэ уотун иит
Нууччалыы Пробуждать, возбуждать в ком-л. какие-л. чувства, мысли, зажигать в ком-л. чувство, мысли
Даша, эн мин дууһабар олоххо эрэл, муҥура суох таптал, иннигэ дьулуур уотун сахпытыҥ. Э. Соколов Иһэр саас, иһэр саас, Эн эргит эдэрбин! Сүрэхпэр саҕан аас Сүтэрбит мичээрбин. В. Гольдеров Уус-уран бөлөхтөр хардарыта сылдьыһыылара туһалаах буолуоҕа, элбэх саҥа санаалары саҕыаҕа. И. Федосеев
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. чах ‘высекать (искру, огонь)’, алт., тув. чак ‘высекай огонь’
5 аат тыл #
Куһаҕан саҥнаах күүс, тыын
Нууччалыы Недобрая сила, недобрый дух
Саҥарарга сах ууһуттан аналлаах, Үөхсэргэ үөдэн ууһуттан үһүттэриилээх, Этиһэргэ ис-иһиттэн имэҥнээх.
Өксөкүлээх ӨлөксөйӨһөгөй дьалхаана Өрө үллэҥнээтэ, Өлүү дүбдүргэнэ, Сах быһылаана буолла
П. Ойуунускай
6 аат тыл #
Үөхсүү суолтатыгар: үөдэн
Нууччалыы В значении бранного слова: чёрт
Бу туох сах эбитэй. "Мин буолтум иннигэр аһыыр да киһи көстүбэт. Саҕы сах илдьэ бардын!" - диэбит да [Чааччахаан] тахса көппүт, сүүрэн испит. Саха фольк Хамаанда эрэ сах: үмүөрүһүү, үөрүү-көтүү соҕотохто хос иһигэр өрө ньиргийэ түстэ П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
[Былаас:] Сах, туох хабараан маһа түбэстэ А. Софронов
7 аат тыл #
суолт. Киһи тугу эмэ сөбүлээбэтин, абааһы көрөрүн бэлиэтиир
Нууччалыы Выражает недовольство чем-л., огорчение. – Эт эрэ, Таал-Таал эмээхсин ханна барда? – Ээ сах, мин билиэм дуо?
8 этии #
Нууччалыы соотв. бог знает, чёрт его знает
Сах билэр кэпс. - ким да билбэт Сах билэр. Уһун солкуобай көрдүү барар ини. В. Яковлев Сах сиэтин (салаатын) кэпс. - туох эмэ кыаллыбатаҕы оҥоро, быһаара сатыырбыттан аны уурайабын, итинник хааллын диэн этии. Θ Чёрт с ним; пусть будет так. Ээ, сах сиэтин кинилэри. Бэйэлэрэ өйдөрүн-төйдөрүн булуннуннар. С. Никифоров Ср. др. -тюрк. йах-йух ‘всякая всячина’
9 аат тыл #
, эргэр. Кэм, дьыл-күн ааһыыта
Нууччалыы Давность или длительность происходящего; время
Аныгы албастаах сахха Айхалы тардыһан, Алҕаатаҕым буоллун Саҥа ыччаппын.
Өксөкүлээх ӨлөксөйСанааргыыр сахха Саҥа санаа сайдан тахсар. А. Софронов Көһөр сахха дьоннорбутун кытта бииргэ тутуспутунан сылдьарбыт. Н. Тарабукин (тылб.)
10 этии #
Нууччалыы Неожиданно скоро, быстро, уже
Хайа сах (сахха) - хайыы-үйэҕэ, көһүппэтэх курдук түргэнник, эрдэ Бурдуктара хайа сахха саһара буспут. Н. Якутскай Ср. казах. шак ‘период’, каракалп. шаҕ ‘пора’, бур. саг ‘время’, кум. чакъ, др. -тюрк. чах, тат. чак, уйг. чаҕ ‘пора, время’