Перевод с якутского
баҕар
сыһыат, туохтуур, холбуур
Нууччалыы всей душой и сердцем стремиться к чему-л.; желать чего-л
English maybe, perhaps
Ис хоһооно · 11
1 туохтуур #
Ис сүрэххинэн, өйгүнэн-санааҕынан туохха эмэ дьулус, тардыс
Нууччалыы Всей душой и сердцем стремиться к чему-л.; желать чего-л
Киһи киэнигэр баҕарыма - бэйэҥ киэниттэн матыаҥ (өс хоһ.). Биһиги үөрэхтээх, үлэһит буоларбытыгар ийэлээх-аҕабыт төһө баҕардылар этэ. М. Доҕордуурап Үөрүү! Дьол! Сүрэх ыллыан баҕарар, Сүрэх туойуон баҕарар. Т. Сметанин Баҕарабын быйаҥнаах Ардах курдук буолуохпун, Дьоҥҥо, ийэ дойдубар Туһалаахтык олоруохпун С. Данилов
2 туохтуур #
Кимиэхэ эмэ ыллар, ымсыыр, курдары тартар (хол., дьахтарга)
Нууччалыы Испытывать большое желание, страсть к кому-л. (напр., к женщине)
Сирбит дьахтарыгар баҕарбыкка дылы (өс ном.). Эллэй Боотур үтүө майгыннаах, кэрэ дьүһүннээх дьоһун киһи буолан, Омоҕой кыргыттара баҕарар, таптыыр буолтар. Саха фольк Мин бэйэм ити киһиэхэ баҕаран туран барбатаҕым Н. Неустроев
3 этии #
Баҕар да баҕарыма - сөбүлэнэргиттэн-сөбүлэммэккиттэн, үөрэргиттэн-хомойоргуттан тутулуга суох тугу эмэни толорорго күһэллиэҥ
Нууччалыы Рад не рад; хоть рад, хоть не рад; хочешь не хочешь (а придется)
4 этии #
Этиилэр
Ким баҕарар көр ким
Кыраныыссаҕа, наада буоллаҕына, пограничниктар ким баҕарар дьиэтин дьэҥдьийэр бырааптаахтар. Н. Якутскай Саҥа дьылга ким баҕарар Доҕоругар үтүөнү баҕарар. Т. Сметанин
Төһө баҕарар көр төһө
Научнай үлэһит буоллаххына төһө баҕарар үүнүөххүн, аатырыаххын сөп. Софр. Данилов. Егор Петрович олус интэриэһинэй киһи! Кини туһунан төһө баҕарар суруйуохха сөп.
Н. Лугинов
Туох (тугу) баҕарар көр туох
Барбытым кэннэ туох баҕарар диэтиннэр. Софр. Данилов. Мин эйигин сүрдээхтик таптыыбын, эн тускар туох баҕарар буолуом: ууга киириэм, уокка түһүөм. С. Ефремов
Хайа баҕарар көр хайа
Эһиги кыргыттаргыт,... Хайа баҕарар албыҥҥа түбэһиэххитин сөп. Н. Якутскай Уус-уран туруктаах буоланнар алгыстар хайа баҕарар омуктарга фольклор кэрискэтигэр киллэриллэн ырытыллаллар. Саха фольк
Хайдах баҕарар көр хайдах
Кини бэйэтин иэһин толордо, онон билигин ыраас суобаһынан суолун хайдах баҕарар салгыы турар кыахтанна. Н. Заболоцкай Мин курдук тулаайах, ким да көмүскэспэт киһитин хайдах баҕарар оҥороруҥ көҥүлүҥ. С. Ефремов
Ханна (хантан) баҕарар көр ханна
Биһиги, байыаннайдар, ханна баҕарар байыаннайбытынан сылдьар идэлээхпит. Амма Аччыгыйа Эмээхсин эрэйдээҕи ханна баҕарар ыҥыртаран ылыан сөп этэ. Софр. Данилов.
Ханнык баҕарар көр ханнык
Оттон ханнык баҕарар үлэ норуокка төһө туһаны аҕаларынан сыаналанарын эһиги билэр буолуохтааххыт. Софр. Данилов. Норуот айымньылара, син ханнык баҕарар искусство айымньыларын курдук, кэрэ сокуонунан оҥоһуллаллар. Эрчимэн.
Хаһан баҕарар көр хаһан
Биһиги аан бастаан билсиһэр күммүтүгэр хаһан баҕарар кырдьыгы утарытынан этиэх буолан үлэһэн турарбыт. Софр. Данилов. Таба көҥүл сылдьар, маамыктанан хаһан баҕарар иилэ быраҕан ылаҕын. Н. Габышев
5 #
ситим т
Баҕар самыыр түстүн, баҕар хаар түстүн, син биир барабыт. Баҕар кыыһыр, баҕар туой, баҕар ытаа - туох буолуой? П. Тулааһынап Баҕар үрүҥ буоллун, баҕар хара буоллун Амма Аччыгыйа
6 #
Соруйар туохтуурдары кытта хос-хос туттуллан, биирин биирэ солбуйар эбэтэр утарар ис хоһоонноох этиилэри, этии чилиэннэрин сөпсөһөр суолтанан ситимниир (баҕардар, да, даҕаны)
Нууччалыы С глаголами в повелительной форме, повторяясь, выражает уступительное значение при сопоставлении предложений или их членов, которые по своему значению исключают или заменяют друг друга
7 #
Соруйар туохтуурдары кытта сөпсөһөр суолталаах этиилэри, биитэр араарыллыбат бөлөхтөрү холбооттуурга туттуллар (да, даҕаны, баҕардар, дьөрү)
Нууччалыы С повелительными глаголами употребляется для соединения предложений или оборотов уступительной связью (хоть, до такой степени, что, допустим, даже)
Баҕар биһигини убуорунай да ыраастаттыннар, мин эйигин кытта эрэ буолуум... А. Федоров Тэйиэм суоҕа биир хардыыны, баҕар тыыным да быһыннын Эллэй
8 #
ыан т
Баҕар пансиоҥҥа ылыахтара. Амма Аччыгыйа Эһиги, баҕар, мунаарыаххыт. Софр. Данилов. Баҕар, үйэм уһуоҕа.
Суорун ОмоллоонБаҕар, кырдьыбытым буолуо С. Ефремов
9 #
Этиллэр санааҕа буолуон сөп диэн сэрэйиини көрдөрөр (баҕардар, арааһа, бука)
Нууччалыы Выражает предположение о допускаемой возможности действия (может быть, возможно)
10 #
Сөбүлээһини, көҥүллээһини араас дэгэттээхтик көрдөрөр
Нууччалыы Выражает согласие, разрешение с различными оттенками (пусть, пожалуй, хоть)
Баҕар, эн этэрин курдук буоллун. С. Ефремов Кыыс аата Халерхаанан, баҕар хааллын даҕаны. С. Курилов Бокуруоп кэнниттэн, аһыммат буоллаххына, баҕар, тыыннаахтыы да ыйыстан кэбис Амма Аччыгыйа
11 #
Кэлэр кэмнээх туохтууру кытта этэр санааны чуолкайдыырга, бигэргэтэргэ туттуллар, ардыгар, төнүннэрэр ситим тыл дэгэттэнэр (хол., холобурун ыллахха)
Нууччалыы Употребляется с глаголом будущего времени для пояснения, подкрепления высказываемой мысли (иногда имеет оттенок значения уступительного союза: хоть например, к примеру)
Ханна баҕарар олоруохха үчүгэй, баҕар, Биһиги Сахабыт сирин да ылыаҕыҥ. ПНЕ МСЯЯ. Наада буолуо да, биир күҥҥэ баҕар үс-түөрт да суол үлэни толоруоҥ. С. Ефремов Ичигэстик таҥнан сырыт, баҕар, тымныйан, ыалдьан хаалыаҥ Дьүөгэ Ааныстыырап