Перевод с якутского
оҕолоо
туохтуур
Нууччалыы ухаживать, смотреть за ребёнком, нянчить ребёнка. [Мэник Мэнигийээн:] Аҕаас, бу оҕону да сатаан оҕолооботуҥ баар ээ, дэлби ытатар эбиккин
English to nurse (a baby), to babysit
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Оҕону көр-харай, бүөбэйдээ
Нууччалыы Ухаживать, смотреть за ребёнком, нянчить ребёнка. [Мэник Мэнигийээн:] Аҕаас, бу оҕону да сатаан оҕолооботуҥ баар ээ, дэлби ытатар эбиккин
Онно [детсадка] эн биһигиннээҕэр, бука, ордуктук оҕолууллара буолуо ээ М. Доҕордуурап
2 туохтуур #
Төрүт кыратыттан иит, улаатыннар (атын оҕону)
Нууччалыы Воспитать, вырастить (чужого ребёнка)
Сэттэтигэр дылы бу оҕону атын ыалга саһыаран, күннээх таҥараҕа көрдөрбөккө чуулааҥҥа оҕолообуттара. Саха сэһ. II. Убайа кинини ийэлэрэ өлүөҕүттэн оҕолоон, көрөн-харайан улаатыннарбыта. М. Ефимов Эн бэйэҥ оҕолообут оҕом кэриэтэ киһи буоллаҕыҥ дии Р. Кулаковскай
3 туохтуур #
Дьахтарга оҕото оҥор (эр киһини этэргэ)
Нууччалыы Зачать ребёнка (о мужчине)
Миитэрэй, бэйэҥ-бэйэҕинэн туох буолаҥҥын куһаҕан кыыһы оҕолооҥҥун миигин күлүүгэ ыыттыҥ? Н. Түгүнүүрэп Уоһуҥ абынан албыннаан Оҕолоот, уоруйах кэриэтэ Ойуурга куоппутуҥ П. Тобуруокап
4 туохтуур #
Көҥүл күөҥҥэр, киэҥ дуолгар (хол., сири-дойдуну, дьиэни-уоту этэргэ) астына-дуоһуйа сырытыннар, олорт
Нууччалыы Пестовать, заботиться, любовно выращивать (напр., о близком сердцу уголке, о родном очаге)
Оҕолоон улаатыннарбыт оскуолам барахсан. Улуу сайылыгым Оҕолообут оҕолоро Уоттаах сэрии күнүгэр Уйуһуйан барбыттара. С. Васильев [Яков] түөрт сыл ииппит, оҕолообут институтун аанын арыйар Н. Заболоцкай
5 этии #
Кус оҕолоо кэпс. - кус оҕото улаатар кэмигэр кустаа, саалан Биир доҕорунаан күөллэри кэрийэ сылдьан кус оҕолуура иһилиннэ. Р. Баҕатаайыскай
Нууччалыы Охотиться на маленьких уток