ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

төннүү

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы возвращение откуда-л

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

Хантан эмэ ханна эмэ төттөрү кэлии, эргиллии

Нууччалыы Возвращение откуда-л

  • Барарбытыгар биһиги дьон кэнниттэн айаннаатыбыт, хата, төннүүбүтүгэр бэйэбит бастаатыбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Ол күнтэн ыла кини олоҕун сыалын үрдүк чыпчаалын доруобуйатын көннөрөн дьон ортотугар төннүүгэ туһаайбыта
    С. Юмшанов

2 аат тыл #

Ким, туох эмэ мөлтөөһүнэ, кэхтиитэ, буомуруута

Нууччалыы Состояние ослабления, ухудшения свойств, признаков кого-чего-л., вырождение, упадок, деградация

  • Киһи сайдыыта, эбэтэр кэхтиитэ, төннүүтэ хайдах киһини кытта бодоруһарыттан эмиэ тутулуктаах. ПБН КДьСО. Күөллэр ньалыаран, ньамаҕыран, собо төннүүтэ буолла
    Саха с
  • Төннүү суолга турарбыт икки эрэ хонук иннинэ охтубутум
    Амма Аччыгыйа

3 даҕааһын #

суолт. Төннөр, төттөрү кэлэр, барар

Нууччалыы Ведущий назад, обратный

4 этии #

Төннүү андыта булт. –сайыҥҥы кэмҥэ тыһыларын төрүүр-ууһуур сөрүүн сирдэригэр арыаллаан илдьэн баран, үөрдүһэн төттөрү кэлэр атыыр андылар "Төннүү андыга сытабын" диир киһини көрүстэххинэ, ол аата андылар тыһыларын төрүүр-ууһуур сирдэрин булларан баран төннөн куһугуратан иһэр эбит буоллахтара дии саныахтааххыт. С. Тумат

Нууччалыы Самцы турпана, возвращающиеся после сопровождения стаей своих самок на летнее время в другое, более прохладное, место для кладки яиц

«Т» буукуба