ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уу-хаар

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы превращение снега в воду во время весенней оттепели

English lies, untruth

1 аат тыл #

1. аат. 1. саас хаар ууллуута тахсар уу

Нууччалыы Превращение снега в воду во время весенней оттепели

  • Сайын уу-хаар тардыыта, Харатаайап кулуба Бүлүү куоратыгар ыҥыыр атынан киирэн тахсар.
    Н. Якутскай
  • Саас уу-хаар харылаччы тахсыыта, халдьаайыга маҥнайгы харалдьык көстүүтэ Көстөкүүн оҕонньор -- хонуу уутугар дурда туттара
    С. Никифоров
  • Хаар ирэн, бырыы-бадараан буолуута. Θ Жидкая грязь, образующаяся от таяния снега. [Сэкэтэй Сэмэн:] Эдэр уолаттар хаһан бу тыаны кэрпиттэрэ, ууну-хаары кэспиттэрэ баарай, биһиги да ээхпитин этииһибит.
    Күндэ
Өссө холобурдар (7)
  • Эһэ дии санаан, хаһыытыы-хаһыытыы ууну-хаары көтүөлээн баһылланнаан эрдэхпинэ, кэннибэр адьас чугас баҕайы уу тыаһа өрө биллигирии тустэ.
    Р. Кулаковскай
  • Уута-хаара диибин диэн, киһи эрэ кинэ-наара алдьаныах айана буолбут.
    Н. Заболоцкай
  • 2. кэпс. Амтана суох, хобдох ас, аһылык. Θ Невкусная, непитательная пища, еда. Урукку киэһэлэргэ аһылыктарын, уу-хаар да буоллар, аһааталлар эрэ муна-тана суох буолан, кэпсэтэн-ипсэтэн утуйар буолаллара. А. софронов. Оҕолор, дэлэччи да буолбатар, син уунан-хаарынан уссэнэн, үөрэ-көтө үөрэнэ сылдьаллар.
    С. Федотов
  • Аспыт сыыһын оҕобут кэллэҕинэ сиэхпит буоллаҕа дии, биһиги манна уунан-хаарынан да олоруохпут. Айталын. 3. көсп. Сымыйа-кырдьык икки ардынан саҥа-иҥэ, киһи соччо итэҕэйбэт кэпсээнэ. Θ Не внушающая доверия речь, неправдоподобный рассказ. Солуута суох саҥарааччы сонуна уу-хаар буолааччы (өс хоһ.). Урукку улаҕалаах тылгын Уу-хаар оҥорбуккуттан Улаханнык ороһуйдум. А. софронов. Ол киһи тылын кыһыл көмүскэ ылыма, отут бырыһыана кырдьыктаах, онтон ордуга — уу-хаар.
    Ф. Постников
  • Албыннаары ууну-хаары туойа сылдьара буолуо. «Кыым». 2. даҕ. суолт. 1. кэпс. Уу-ньамаан, амтана барбатах (аһылык). Θ Непитательный, водянистый, невкусный (о пище, еде). Үгуспут куннээҕи нуорма килиэби биирдэ охсон кэбиһэн баран, студенческай остолобуой уу-хаар аһылыгынан албыннанара. с. Никифоров. Буһарыллыбыт бурдуктаах, мас суладаһыннаах уу-хаар курдук миин.
    И. Тургенев
  • 2. көсп. Ис хоһооно хобдох, солуута суох (хол., тыл-өс). Θ Бессодержательный, несерьёзный (напр., о речи). [Айаал] Кистээн хоһоон суруйар. Хортуон тастаах альбомугар Уу-хаар хоһоон элбээн иһэр.
    И. Гоголев
  • Аныгы дьон оҕо-дьахтар курдук наар дьиэ таһынааҕы эргинтэн тэйбэт, уу-хаар кэпсэтиилээхтэр ээ
    Н. Лугинов

2 этии #

Нууччалыы соотв. входить во вкус

Этиилэр

Уутугар-хаарыгар киирэр

олус астынан-дуоһуйан, үлүһүйэн киирэн бар Дьукаахтара Иһиччит Ньукулай уокка аргынньахтаан сыҥаах баттанан олорон, улам-улам сайдан, күөмэйэ чөллөйөн, уутугар-хаарыгар киирэн, олоҥхолоон куйуһутан барда.

  • Ийэтэ кыыһынаан ууларыгар-хаардарыгар киирэн ортолуу кэпсэтэн истэхтэринэ, Балтаҕар киирэн кэллэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Уутугар-хаарыгар киирэн олорор суотчуту итинтэн салгыы мэһэйдиэн кэрэйэн, Сэмэн саҥата суох Тэрэнтэйи күүтэ олордо.
    Д. Таас

Уу-хаар курдук кэс

кимиэхэ эмэ сэнээбиттии, төрүт аахайбатахтыы сыһыаннас, оннук быһыылан.

Относиться к кому-л. пренебрежительно, наплевательски, вести себя высокомерно.

  • Аким чиэски быһыыта барыларын кэлэттэ, дьону уу-хаар курдук кэһэр.
    Далан
  • Уу-хаар сырыы кэпс. — халтай, туох да туһата суох сырыы. бесполезная, бесплодная поездка. Тайахсыттар бүгүн мэлийдилэр, таах уу-хаар сырыы буолла. Уу-хаар сырыытын сырытта кэпс. — халтайга, туох да туһата суохха сырытта. сходить зря, напрасно. Бүгүн тэллэй булбатылар, уу-хаар сырыытын сырыттылар. Тэҥн. халтай (халтайга) хаамп. Уу-хаар тыллаах кэпс. — 1) киһи соччо итэҕэйиэ суоҕун курдук тыллаах-өстөөх; солуута суох кэпсээннээх-ипсээннээх. Несерьёзный, не внушающий доверия (о речи); пустомеля, пустослов. Кини Бүөккэни омун-төлөн, уу-хаар тыллаах, быһата, биир киһи итэҕэһигэр төрөөбүт киһинэн ааҕара.
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (4)
  • Арыгыһыттар сымыйа-кырдьык аҥаардаах, уу-хаар тыллаах кэпсэтиилэриттэн бу да дьон ырааппатылар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Сорох киһи уу-хаар тыллаах, сымыйаччы, албын, эппит тылыгар турбат, толоругаһа суох. «ЭК»; 2) ис хоһооно мөлтөх, киһи болҕомтотун тардыбат (хол., айымньы). Бессодержательный, пустой, не привлекающий внимания (напр., о литературном произведении). Оччолорго уу-хаар тыллаах хоһооннору, унньулхай-санньылхай поэмалары суруйбахтыыллар да, бэчээттэтэллэр да быһыылааҕа.
    С. Данилов
  • Ол да иһин, киһиэхэ барытыгар биллэр, уу-хаар тыллаах дакылааты оҥорор буолан, дьүүллэһиилэрэ даҕаны онуоха дьүөрэлээх этилэр. Софр. Данилов. уулааҕынан-хаардааҕынан көрдө — ууламмыт хараҕынан көрдө. смотреть влажными от слёз глазами. Тиит аллараа мутугар тураах оҕото кып-кыһыл айаҕын аппаччы атан баран, уулааҕынан-хаардааҕынан көрөн турулуҥнатар.
    Амма Аччыгыйа
  • Уулааҕынан-хаардааҕынан быччаарыччы көрө-көрө, куурусса буутун уобалыыр. Айталын. Нида эмиэ да кутталыттан, эмиэ да куоттарбыт аһыытыттан, хараҕын уулааҕынан-хаардааҕынан көрдө, уостара ибигирэтэлээн ылла. Нэртэ.

Хараҕыттан уу-хаар баста

хараҕа ууланна, ууламмыт хараҕынан көрдө (хол., уйадыйан).

Глаза наполнились слезами у кого-л. (напр., от наплыва чувств).

  • Бэйэтин буруйдааҕынан ааҕынна, хараҕыттан уу-хаар баста, өссө кытаанахтык кууһа-кууһа, эмээхсин төбөтүн имэрийбэхтээтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Улаханнык куттаммыт уонна аһыммыт дьүһүннээх Лиза харагыттан уу-хаар баспытын Ылдьаа өйдөөн көрбүтэ.
    Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
  • Кинилэр ахтыспыт дьон быһыытынан, куустуһа түспүттэрэ, иккиэн харахтарыттан уу-хаар баспыттара. И. Федосеев

«У» буукуба