ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уххан

аат тыл

Нууччалыы разгар, кульминация чего-л.; пыл, душевный подъём

1 аат тыл #

1. Туох эмэ үгэнэ, үгэннээн буола турара

Нууччалыы Разгар, кульминация чего-л.; пыл, душевный подъём

  • Уонча сыл буолан баран, оцорон таһаарар тэрилтэлэри кииннээһин уонна идэтитии уххана саҕаламмыта.
    В. Титов
  • Сэргэхсийии, көҕуйуу иххана методическай киин иһинэн устуудьуйа тэриллэригэр төрүөт буолбута.
    К. Уткин
  • Дьэ, онно буолуо, бастаан утаа туоратыһыы, сылаас миэстэни була сатааһын уххана, бэрт былдьаһыы. Лоһуура. 2. көсп. Туох эмэ сабыдыала, угуйуута, тардыыта. Θ Влияние чего-л., впечатление от чего-л. Кинилэр тапталларын ис дьиҥин билбэккэ сылдьан, саба быраҕан сиилээһин-хоһулааһын ухханыгар хаптардаҕа.
    У. Ойуур
Өссө холобурдар (1)
  • Мин эмиэ ол уххаҥҥа киирэн олорон, бу айымньылары ылан арыйталаабытым. «Сахаада». Оттон дьон сиртэн-халлаантан ойдон, тулалыыр айылҕаттан тэйэн, кэпсээннэрин ухханыгар бигэнэ олорбуттара. «
    ХС

2 этии #

Нууччалыы На долгие годы; навеки

Этиилэр

Аан Уххан I көр аал III

  • Кыһаҕа уот оттон баран, кырдьаҕас уус аал уот иччитин Хатан Тэмиэрийэни, Аан Ухханы аатын ааттаан, алгыс тылын саҕалыыра. МАП ЧУу.

Аан уххан II көр аан II

  • Ол кэмтэн Михаил Ефимович Николаев аан уххан салайааччы буола уунэн тахсыбыта. Быдан уххан үрд. — быдан дьылларга; үйэлэр тухары Дьэ онон, эһэбит, быралыйар быдан уххан быраһаай!
    И. Гоголев
  • Аал уотум, алаһа дьиэм барахсан, хаһан да хагдарыйары билимэ, куруутун чэчирии-чэлгийэ тур, быдан уххан бырастыы буоллун! «ХС»

3 этии #

Нууччалыы Работать пока сыт, сразу после еды

Этиилэр

Аһаабыт уххаҥҥар үлэлээ

аһаат даҕаны, тот эрдэххинэ үлэлээ Отчуттар аһаабыт ухханнарыгар хоторуулаахтык үлэлээбиттэрэ.

Тымныы уххана

тымныы оройо диэн курдук (көр тымныы).

  • Аҕалара тымныы ухханыгар да бултуу барара

«У» буукуба