ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

хаһыс

туоһулааччы, аат тыл

Нууччалыы который

English which

Ис хоһооно · 5

1 туоһулааччы #

Нууччалыы который

English which

  • хаһыс дьиэҕэ олорор?
    в каком доме он живёт?in which house does he live?
  • хаһыстан үлэҕэ киирдиҥ?
    когда ты начал работу?when did you start work?
I

2 #

Тугу эмэ көрдөөн, туоххун эмэ булкуй, хас, хаһын

Нууччалыы Искать, перебирая, перекладывая, разбирая что-л., копаться, рыться в чём-л

  • хас I диэнтэн холб. туһ. [Нүһэр Дархан:] Көмө буола кэлиэхтээҕэр хата түргэнник Ииммин хасыһа кэлэр инигит!
    И. Гоголев
  • Ыттар оҥкучаҕы хаһыспаттар, аһаҕас да хаалбыт аһы кыраһалаах отой тыыппаттар.
    С. Маисов
  • Улаатан иһэн кумах куйаарга ханаал хасыһара. Ч. Айтматов (тылб.)
Өссө холобурдар (3)
  • Кууһума суруксут, өр соҕус тугу эрэ көрдөөн, сиэптэрин хасыһар.
    Н. Якутскай
  • [Миша түһээн] салҕалас илиитинэн бинсээгин сиэҕин хасыһар да… сочуоккатын булбат. Өссө күүскэ хасыһар...
    Н. Лугинов
  • Сээкэйдэрин хасыһа сылдьан түгэххэ, утуйар таҥас анныгар, карабин саа сытарын илиитинэн бигээн көрдө
    Н. Заболоцкай

3 #

Ким, туох эмэ туһунан дириҥник билээри иҥэн-тоҥон үөрэт

Нууччалыы Кропотливо изучать что-л., разбираться в чём-л., копаться

  • Оҕо тугу да оҥорбутун иһин онтон кэлэйэн кыыһыран түптэлэммэккэ, итэҕэс үөскээбит биричиинэтин, төрдүн-силиһин хасыһыахха наада.
    Н. Лугинов
  • [Харитонов:] Лейтенант Сергеева, суутунан көрүллэн бүппүт дьыаланы эмиэ тоҕо хасыһаҕын?
    М. Попов
  • Литератураны хасыһан, сөбүлээн ааҕар киһи таптыыр суруйааччытын үҥэр таҥара оҥостор, адьас аанньал курдук саныыр.
    С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
  • Тоҕо эрэ Ивановиһы хасыһар буолан эрэллэр үһү
    ХС

4 #

Тугунан эмэ ыксаабакка дьарыктан, тугу эмэ өр оҥор, гын

Нууччалыы Долго возиться с чем-л., мешкать, медлительно делать что-л., неторопливо заниматься чем-л

  • Хасыһа, талкыйа сатыыр да, туһа суох.
    С. Федотов
  • Эрдии-эрдэ – түөрт саҕана Ира оһоҕун хаһыста.
    Ф. Софронов
  • Массыынатын мотуорун хасыһан көхсө хомурдуос көхсүнүү килэҥниир. ЭКС ТБТ. Ваня, кырдьык даҕаны олус өр хаһыстыҥ.
    ОЛ ПА
II

5 аат тыл #

ыйыт. солб. аат. Бэрээдэгинэн ханнык, элбэхтэн ахсаанынан ханнык

Нууччалыы Какой по порядку или какой именно из нескольких, какой, который

  • Кэрэтик олорон, ким хаһыс сааһыгар Күн сирин хаалларыай? Эллэй. Чуолкайдык өйдүүбүн биир сааһы, – Хаһыс сыл эбитэ буолла?
    Баал Хабырыыс
  • Хайа ый хаһыс күнэ эбитэ буолла…
    И. Эртюков

«Х» буукуба