ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

бу

туоһулааччы, частица, солбуйар аат, тыл, аат тыл, сыһыат

Нууччалыы этот

English this

Ис хоһооно · 13
I

1 аат тыл #

ый. солб. аат

  • Дьүлэй Бүөккэ дурдатыттан икки ээбиллэ тутуурдаах тиийэн кэллэ уонна доҕоругар: “Бу да син, эр-биир үллэстэр дьон буоллубут. Хайа чэйбит? ” - диэтэ.
    Н. Заболоцкай
  • Бу тугуй? Курустаал таас дуо?! Суох, курустаал таас буолбатах. Бу таас туус.
    И. Данилов
  • [Чокуурап:] Бэйэ оттон бу Миитэрэй, Сарапыана тугу үлэлииллэрий?
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Урут бу оскуолаҕа үөрэммит үһү. Софр
    Данилов
  • Били дьон, саҥалара улам чугаһаан, ынах ыллыгын устун кэлэн истилэр. Онтон адьас бу кэллилэр
    Суорун Омоллоон

2 аат тыл #

Саҥарааччы ыксатыгар баар предмети эбэтэр көстүүнү, буолууну бэйэтэ көрдөрөн ыйарыгар туттуллар

Нууччалыы Употребляется, когда сам говорящий указывает (обычно сопровождая указательным жестом) на предмет, явление, процесс, находящиеся или происходящие близ него

3 аат тыл #

Ким, туох эмэ билигин оҥорор үлэтин, дьарыгын эбэтэр балаһыанньатын ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляется при указании на чье-л. занятие, которым он занят в данный момент, или на действие, положение кого-чего-л. [Лэкиэс:] Дьэ буолар да эбит

  • Бу туох буолан бэйэм төрөппүт оҕобуттан саһа сырыттаҕым буолла?
    С. Ефремов
  • Эн бу тыаҕа сылдьаргын мин бэркэ да аһынабын, бэркэ да харыһыйабын. МНН. [Имииһит Сүөдэрэпээн:] Бу эрэйдэниэм кэриэтэ эдэр сааспар ууга түһэн өлбүтүм буоллар, ол кыыс оҕону кытта олоруом этэ
    П. Ойуунускай
  • Бу санаатахха. Бу өйдөөтөххө. Бу иһиттэххэ.
Өссө холобурдар (1)

4 аат тыл #

Бүгүҥҥү сарсыарданы уонна билигин буолбут эбэтэр буолаары турар кэми ыйарга туттуллар (ол иһигэр ааспыты билигин буола турар курдук ойуулаан кэпсээһиҥҥэ)

Нууччалыы Употребляется при указании на сегодняшнее утро и вообще на отрезок времени, который уже наступил и идет или наступает (в том числе в повествовании, когда прошлое изображается как происходящее в наст. вр.)

  • Бу сарсыарда. Бу киэһэ. Бу түүн. Бу нэдиэлэҕэ. Бу ыйга.
  • Дьиэлээх хотун бу сарсыарда барбыт.
    Н. Заболоцкай
  • Сарсын сырдыкка кэлиэҕи - бу түүн хаар түһээри гынна.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (1)
  • Бу нэдиэлэҕэ ыарахан соҕус тиэмэни үөрэттибит. Софр. Данилов. Бу киэһэ аҕалара кэлэн биэрбэтэ
    Суорун Омоллоон

5 аат тыл #

Сибилигин этиллибит санааны эбэтэр кэпсэммити ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляется при указании на только что высказанное или упомянутое

  • Учуутал үлэтэ үөрэх, өй эрэ үлэтэ буолбатах - сүрэх үлэтэ. Бу үлэҕэ ыраас сүрэхтээх эрэ киһи үлэлиэхтээх. Софр. Данилов. "Бу туох абааһы уолаттарын дьиэ айаҕар чуоҕутаҕыт?" - диэн күргүйдээтэ. Бу остолобуой тойоно Сидоренко илэ бэйэтэ этэ
    Эрилик Эристиин

6 аат тыл #

Туох эмэ киһи барыта билэрин, истэрин ыйарга туттуллар

Нууччалыы Употребляется при указании на что-л. всем известное, общедоступное

  • Бу аан дойду. Бу күн сирэ.
  • Бу күн анныгар улахан наадалаах көтөр кини [чооруос] үөскээн-төрөөн сылдьар курдук сананар быһыылаах.
    Амма Аччыгыйа
  • Сүрдээх кыыл эбит бу элиэ. “
    ХС

7 аат тыл #

Этиини иэйиилээхтик күүһүрдэргэ эбэтэр этиигэ тугу эмэ ордук чиҥэтэн этэргэ туттуллар

Нууччалыы Употребляется для эмоционального усиления высказывания или особого подчеркивания чего-л. в нем. [Лэкиэс:] Бу тыла минньигэһин көр эрэ

  • Саас-үйэ тухары атаҕастатыам суоҕа диир буоллаҕа.
    С. Ефремов
  • Эн хайдах буолан кэллиҥ бу?!
    Амма Аччыгыйа
  • Бөрүкү хоҥоруутугар хоҥнорбот дии, бу дьахтарыҥ баара! Софр. Данилов. Бу үлэ-хамнас саҕана аны куораттаары гынаҕын дуо?
    С. Ефремов

8 сыһыат #

Олох чугас, ким-туох эмэ аттыгар ыга чугаһаан

Нууччалыы Совсем близко, вплотную к кому-чему-л. (подходить, подъезжать)

9 сыһыат #

Ааспытын кэннэ билигин, аны

Нууччалыы Теперь (в оборотах типа “как теперь стало понятно”, “как теперь можно видеть” и т. д.)

10 этии #

Нууччалыы До сих пор (при выражении своего удивления неожиданной переменой в чем-л., в оборотах типа “до сих пор не бывало такого”, “до сих пор обходились без этого”)

  • Бу үйэҕэ - туох эмэ киһи көһүппэтэх өттүнэн көстүбүтүн, уларыйбытын эбэтэр тугу эмэ оннук уларытары сүөлүргээн, “бачча тухары оннук буолбатаҕа” диэн этэргэ туттуллар Бу үйэҕэ сылдьыбыт далаһам этэ, ону баара, кыыһыран титирэстээн, мүччү үктээтэҕим дии.
    М. Доҕордуурап
  • Бу үйэҕэ тууһа суох аһыыллара, биир киэһэ аһаатыннар.
    Болот Боотур
  • Бу үйэҕэ миигинэ суох тыа олорбута эбээт. Мин онно тахсан тугу туһалыырбын да билбэтим.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (1)
  • Бу сырыыга - тугу эмэ оҥоруу билиҥҥи төгүлүгэр. Θ На (в) этот раз. "Но!" - Тогойкин бу сырыыга обургу соҕустук саҥарбытынан олоро түстэ. Амма Аччыгыйа
II

11 #

ыан т

  • Бу куобах суола: бу бытааннык сылдьыбыт, бу аһаабыт, бу туора ойбут. Бу саһыл ааспыт.
  • Алдьархайдаах батталы өйдөөн кэллим бу туран.
    Амма Аччыгыйа
  • Бу биһигиттэн чугас Хара үрүйэ диэн сир баар.
    С. Ефремов
Өссө холобурдар (2)
  • Акаары, көр, бу мэтээлэ, уордьана диэн буолар.
    Н. Неустроев
  • Аида, чэ билигин аһаа. Бу саахар, бу килиэп, бу арыы, бу эт
    И. Федосеев

12 #

Этиллэр предмети, хайааһыны, сиһилиини ыйан, чуолкайдаан кэпсэтээччи болҕомтотун тардыыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает привлечение внимания собеседника путем указания на предмет, действие, обстоятельство и т. п. (вот это)

13 #

Хайааһын этиллэр эрчимин, кинини олох субу чугас, бу баардык оҥоһуллар курдук көрдөрөр, күүһүрдэр

Нууччалыы Усиливает экспрессивную выразительность действия тем, что оно будто совершается совсем рядом, перед глазами (прямо вот, вот совсем рядом)

  • Саалар тыастара бу тиҥийэн олорор этилэр. Бу олорор куһу сыыһан кэбистэ.
  • Көрдүм мин чахчытык, чугастык, бу баардык.
    П. Тобуруокап
  • Кини хараҕар ол икки кыыс сирэйдэрэ-харахтара бу умайан көстөллөрө
    П. Ойуунускай
Өссө холобурдар (13)
  • Этиллэр санаа дууһаны долгутар араас дэгэттээх иэйиитин эрчимин күүһүрдэр (көр диэн кэпсиирэлээх эбэтэр онто түспүт быһаҕас этиилэргэ үксүн тут-лар). Θ Усиливает эмоциональную выразительность высказываемой мысли с оттенками радости, восхищения, испуга, обиды (преимущественно употр. в предложениях со сказуемым көр “смотри” или при его опущении в эллиптических предложениях: вот, вот как, вот какой). Бу дьолу!
    П. Ойуунускай
  • Бу үөрдэхпин!
    Амма Аччыгыйа
  • Тыый даа, бу тылын!
    Амма Аччыгыйа
  • Бу хара ыт үөхпүтэ кыһыытын көр эрэ.
    П. Ойуунускай
  • Көр эрэ, бу Өкүлүүнэҕин! Софр. Данилов. Билигин аакта оҥоруохпут. Сырдыгы хаххалаамаҥ эрэ, бу! “
    Кыым
  • Ыйытыыны ардыгар иэйиилээхтик дэгэттээн күүһүрдэр. Θ Усиливает вопрос иногда с эмоциональным оттенком (это, вот это). Хаһан тиийэр дьоммутуй, бу?
    Амма Аччыгыйа
  • Сөдүөччүйэ кыыс тиийэн кэллиҥ буолбат дуо, бу?!
    Амма Аччыгыйа
  • Тугун сүрэй? Мин сатаан санаабаппын, эһиги бу туох буоллугут?
    С. Ефремов
  • Бу туохпут саатай? Оноопур Павлович телохранителлэриҥ дуу, бу? “
    Кыым
  • уур сэрэйэр киэбин кытта саҥарааччы түмүктээһиннээх санаатын күүһүрдэр, чиҥэтэр. Θ С глаголами предположительного наклонения усиливает, подчеркивает заключительную мысль, заключение говорящего (ну вот, вот и). Бу аан дойдуга төрөөн-үөскээн олорон бүттэҕим бу.
    П. Ойуунускай
  • Дьэ маннык дьоҕурдаах оҕо үөрэхтэн маттаҕа бу.
    Амма Аччыгыйа
  • Дьэ, араҕыстахпыт бу, - диэтэ.
    Күндэ
  • Тюрк. бу, бул

«Б» буукуба