Перевод с якутского
сонор
аат тыл
Нууччалыы преследование зверя (особенно пушного) по первому осеннему снегу
English the first autumn snow, during which time animals' tracks are easy to follow
1 аат тыл #
Булду хаар түспүтүн кэннэ суоллаан, батыһан бултааһын (ордук түүлээххэ бултааһыны этиллэр)
Нууччалыы Преследование зверя (особенно пушного) по первому осеннему снегу
Манан урут хайа эмэ булчут кылааннаах соноругар быһыта охсон ааһыталыыр буолуохтаах. П. Аввакумов [Булчуттар] сонор саҥа суолугар туруннулар. "Кыым". Имтеургин итинтэн кыһыҥҥы өттүгэр, булт соноругар наар тыа саҕалата көһө сырытта да, мэлийдэ. Тэки Одулок (тылб.) Түүлээх булда, бултааһына. Θ Промысел пушнины. Герой булчут бүгүн эмиэ сонорун сиригэр аттанна ХС
2 аат тыл #
Тугу эмэ дьаныһан көрдөөһүн, эккирэтиһии
Нууччалыы Поиск, упорная погоня за чем-л
Фёдор эмиэ аптаах тыл соноругар элбэх кумааҕыны марайдаабыта. ХС Наадалаах кинигэ соноругар Москва, Ленинград, Казань куораттарга тиийэ сылдьыбытым СОТТҮө
3 этии #
Нууччалыы Первый осенний снег (по которому удобно прослеживать зверя)
Сонор хаар - күһүн түһэр маҥнайгы хаар (булду суоллуурга табыгастаах) Солко маҥан өҥнөөх Сонор хаар Сотолорбут ортотунан Суулан түстэ. Саха нар. ыр. I. Сэмэн булчут киһи, сонор хаара түстэҕинэ тулуйуо-тэһийиэ суоҕа, бултуу барыан баҕарыаҕа. Н. Якутскай Ити сэтинньи ый саҥатыгар этэ, Сонор хаара түһэн турара. И. Данилов Ср. кирг. сонор ‘пороша, тонкий слой снега’ каракалп. сонар ‘охота’, монг. сонор ‘слух’