ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сонордоо

туохтуур

Нууччалыы преследовать по следам зверя или человека; промышлять, выслеживая

1 туохтуур #

Булду эбэтэр киһини суоллаан кэнниттэн батыс, эккирэт; суоллаан бултаа (ордук түүлээххэ этиллэр)

Нууччалыы Преследовать по следам зверя или человека; промышлять, выслеживая (особенно пушного зверя)

  • Күн ахсын [Фёдор Охлопков] өстөөҕү сонордуур. Кини сыалга ылбыт ньиэмэһэ - өлбүт ньиэмэс.
    Д. Кустуров
  • Биирдэ Күндэлэй туундараҕа кыыл табаны хойобуннаан баран өр сонордуур.
    ХС
  • Кииһи сир-сир аайы араастаан бултууллар. Холобур, киин оройуоннарга ытынан сонордууллар
    ХС

2 туохтуур #

Туох эмэ тута ситиһиллибэти, сыралааҕы эккирэт, дьаныс

Нууччалыы С упорством гнаться за чем-л. труднодостижимым

  • Ийэккээм, сырдык сыалы Сонордоон өр тэлэһийдим, Элбэх киэҥ куйаар тыалын санныбынан силэйдим.
    И. Гоголев
  • Түөрт-биэс сыаналары үрдүкү кылаастар оҕолоро үчүгэй киинэҕэ билиэти булар курдук сонордууллар.
    Н. Габышев
  • Кини санаата көмүстэн уонна сонордообут дьолуттан арахпат
    И. Бочкарёв
Өссө холобурдар (3)
  • көр сойуолаа. Бэрэссэдээтэл тойоммут иирээри гыммыт быһыылаах. Тоҕо эрэ миигин өһүүр, миигин наар сонордуур.
    П. Ойуунускай
  • Соҕотохтуу миигин наар Сонордооҥҥут хаһымаҥ. Миигин кытта хаарыллыах Биир да киһи суох дуо, ама?
    Р. Баҕатаайыскай
  • [Урут] норуот туһугар биир эмэ ыалдьааччы -- тахсаары гыннаҕына, араастаан сонордоон, баайсан, балыйан туран, самнары тэпсэр этилэр буолбат дуо? Амма Аччыгыйа

«С» буукуба