Перевод с якутского
соноо
туохтуур
Нууччалыы полнеть
English to gain weight
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Нууччалыы полнеть
English to gain weight
кини олус сонообут он сильно поправилсяhe's really put on weight
2 туохтуур #
Суон буол, модьураа
Нууччалыы Толстеть, полнеть; утолщаться
Степан Саввич сааһыгар холоотоххо сүрдээҕин кырдьыбыт, олус сонообут.
Н. ЛугиновКыһын кинилэр илиилэрэ-атахтара, истээх таҥас кэтэннэр, бэрэбинэ саҕа сонуур.
Суорун ОмоллоонХатыҥнар бэҕэһээҥҥилэринээҕэр өссө ордук сонообукка, баараҕадыйбыкка -- дылы буолан иһэллэр. А. Бэрияк
Өссө холобурдар (1)
Тэллэгэр соломо сэлээппэлээх, соноон эрэр дьахтар уулуссаны ортотунан аа-дьуо хааман иһэр Н. Габышев
3 туохтуур #
Сөҥнүк иһиллэр буол (саҥаны этэргэ)
Нууччалыы Становиться басистым (о голосе)
Киһим адьас кыыһыран барда. Куолаһа соноон, күүһүрэн, бардьыгыныы быһыытыйда, тарбаҕын чочоҥноторо чаастатыйда. Софр. Данилов. Кинээс күөмэйэ соноон, үрдээн барда М. Доҕордуурап
4 туохтуур #
үрд. Улаат, сайын
Нууччалыы Возрастать, развиваться, нарастать
Уйгу быйаҥ улааттын, Уруй-тускул соноотун.
П. ОйуунускайДьоллоох таптал туругурдун, Дьоһун соргугут соноотун!
Суорун ОмоллоонӨстөөх төттөрү охсуллан, Өрөгөй, соргу соноото Күннүк Уурастыырап
5 этии #
Этиилэр
Борбуйа сонуур көр борбуй
[Ыстапаан:] Бачча сааскар дылы иитиллэн, борбуйуҥ соноон баран, аны киһи тылын истибэт буолсугун дии. А. Софронов Уол оҕо үстэ өлө сыһа-сыһа тиллэн борбуйа сонуур, кыната кытаатар баҕайы. В. Иванов
Сааҕа сонуур көр саах
Сиртэн көстүбэккэ сылдьан, мин бэлэммэр сааҕа сонуу-сонуу дибдигириир буоллаҕына, хайа, сатаан да ыал буолан олоруохпут суох дии. А. Софронов Утар. синньээ