ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүүй

туохтуур

Нууччалыы побеждать; брать верх

English (with dat.) to win, to gain the upper hand

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы побеждать; брать верх

English (with dat.) to win, to gain the upper hand

  • саахымакка сүүй
    выиграть в шахматыto win at chess

2 туохтуур #

Нууччалыы очаровывать

English to charm (compare English win over)

  • сүрэҕин сүүй
    очароватьto charm
I

3 туохтуур #

Туох эмэ сүүйүүлээх оонньууга кыайан барыыстан, туохха эмэ тигис (хол., хаартыга оонньоон)

Нууччалыы Выиграть в азартной игре (напр., в картах)

  • Уол хата тыксыылаах дьаатына диэн оонньууну булан уон биэс тыһыынчаны сүүйбүт, биир тыһыынча барыстаах буолбут.
    Саха фольк
  • "Бу сүүйбүппүн быһа охсон ылаары гынна эбээт", – диэн дьулайа саныы-саныы Мэхээлэ Доромооноп хаартытын мэтэйдээн киирэн барда.
    Күндэ
  • Кини ити түүлээҕи барытын былырыын дьонтон хаартынан сүүйэн ылбыта
    С. Никифоров

4 туохтуур #

Туохха эмэ (хол., күрэхтэһиигэ) кими эмэ кыайан таҕыс, сабырый

Нууччалыы Выиграть, одержать верх над кем-л., победить кого-л. в чём-л. (напр., в состязании)

  • Саас, биир ылааҥы күн, мин, сакылаакка сырсаммын, киһибин сүүйэн ыллым ээ.
    Амма Аччыгыйа
  • Харалар иккис ньыкааларын сиэртибэлииллэр, ол оннугар фигураны сүүйэллэр эбэтэр кутталлаах атааканы оҥороллор. ПВН СБК. Тустууну кини бэйэтин ньыматынан тэтимнээхтик ыытан, икки баалы сүүйэн истэ.
    ВВ ТТ

5 туохтуур #

Уопсай дьыала туһугар тугу эмэ туһалааҕы, барыстааҕы оҥор

Нууччалыы Делать что-л. выгодное для общего дела, общества

  • Учууталларынан бары Илья Васильевич курдук дьон үлэлииллэрэ эбитэ буоллар, ыччаты иитии дьыалатыгар төһө эрэ элбэҕи сүүйүө этибит!
    Кыым

6 туохтуур #

Тугунан эмэ эргиниигэ, тугу эмэ эргитиигэ бэйэҕэр туһалаах буолар курдук гына кими эмэ албыннаа, дэҥ үктэт, түөкэйдээ

Нууччалыы Обманывать кого-л. в ч¸м-л. ради получения выгоды

  • Ити ытыҥ быйыл кыһын хор үгүспүн сүүйдэ ээ: саабын, бурдукпун, бу саас биир тиэйии оппун сүөкэтэн хаалта.
    Суорун Омоллоон
  • Сараапап дьону ыйааһыныгар сүүйээри иккилии бууттаах киирэтин алын үүттэрин толору сүөһү сааҕын сыбаан тоҥорбут.
    Н. Якутскай
  • Манчаары оннооҕу-маннааҕы баайдар хайдах туттунан, кыра-хара дьону баттаан-үктээн, сүүйэн олороллорун истэн-билэн испит
    МНН

7 этии #

Нууччалыы Выиграть время

Этиилэр

Бириэмэни сүүй

күнү-дьылы ыыппакка, бириэмэни бэйэҥ туһаҕар туһанар курдук дьаһан Бырабыыталыстыба бириэмэни сүүйэ, онон күүһү мунньуна сатыырын ким барыта билэрэ.

  • Ньиэмэстэргэ улахан утарсыыны оҥорон, элбэх сүтүктэнэн, салааттар бириэмэни сүүйбүттэрэ, суукканы быһа турууласпыттара.
    К. Симонов

Өйүн-санаатын сүүй

1) кими эмэ бэйэҥ сабыдыалгар киллэр, бэйэҥ санааҕынан барар оҥор (хол., албыннаан).

Сделать кого-л. зависимым, подчинить своей воле, влиянию (напр., путём обмана).

  • Баайдар, үөрэхтээх буоланнар, биһигини, кыра-хара дьону, наһаа дэбигистик өйбүтүн-санаабытын сүүйэллэрэ.
    Н. Якутскай
  • [Өрүүскэ:] Баайдар өйгүтүн-санааҕытын олус сүүйбүттэр, тугу даа өйдүөххүт суох.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Бу хараҥа норуоттар өйдөрүн-санааларын сүүйбүт итэҕэл биир ынырык көстүүтүн туһунан этнографтар Г. В. Ксенофонтов, С. А. Токарев боччумнаах үлэлээхтэрэ биллэр. "ХС"; 2) кими эмэ тугунан эмэ бэйэҕэр олус умсугутан эйигин эрэ өрө тутарын ситис. Свести с ума кого-л., привлекая его чем-л. Уол кыыһы өйүн-санаатын сүүйбүт. Ср. монг. шүүх ‘выигрывать (в игре)’, бур. шүүхэ ‘выиграть (по займу), одержать верх’
II

8 туохтуур #

, эргэр. Тугу эмэ хойуута хаалар, убаҕаһа эрэ түһэр курдук сиидэ нөҥүө кут, сүүрт

Нууччалыы Сцеживать жидкость, чтобы собрать гущу

  • Чэйи быыбаркатын түһэрбэккэ сүүйэн кут. Ср. монг. шүүх, бур. шүүхэ ‘цедить’
III

9 туохтуур #

, кэпс. Сааһыран, кырдьан, эккин-сииҥҥин сүтэр, иин-хат

Нууччалыы Худеть, терять вес от старости

  • Саас ылан, бөкөөрөн оҕонньор этэ сүүйбүт. Ср. казах. дьуй, кирг. дьой ‘потерять, лишиться чего-л. ’

«С» буукуба