ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

уой

ынырыы, туохтуур

Нууччалыы ох; ах; тпру

English oh, ah, whoa

Ис хоһооно · 4

1 ынырыы #

Нууччалыы ох; ах; тпру

English oh, ah, whoa

  • уой, бу тугуй?
    эй, что это?hey, what's this?
I

2 туохтуур #

Үчүгэй аска-үөлгэ сылдьан, соноо, эттэн (киһи туһунан)

Нууччалыы Становиться полнее, толще, полнеть, поправляться (о человеке)

  • Аныгы эдэр дьон уойа сатаабаттар.
    Далан
  • Үүйэтэ адьас уларыйбатах эбит, дьүдьэйбэтэх даҕаны, уойбатах даҕаны.
    Л. Попов
  • Сааскы өттүгэр саарыкпын толору аһатаҥҥыт уойдарбын эмиэ сухаһыт үтүөтэ -- буолан тахсыах этим
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (2)
  • Үчүгэйдик аһаан-сиэн, ыйааһыныҥ эбиллэн, тупсан, сыалан, төлөһүй (сүөһү, кыыл туһунан). Θ Становиться жирнее, жиреть, толстеть (о животных). Ыт уойбутугар дылы (өс ном.). Үөн-көйүүр хаптайан, сылгылар уойан, самыылара төгүрүйэн, түүлэрэ-өҥнөрө килбэлдьийэн испитэ.
    И. Федосеев
  • Кураан дьыл тыа аһа, отон араас үүммэтэҕинэ, эһэ уойбакка хаалан, кыһын арҕахтан туран мэнээктиир үһү
    Н. Заболоцкай

3 этии #

Бөлөнөххө (бөлөнөҕөр) тот (уой, бөскөй, мөскөй, мөлбөй) көр бөлөнөх. Билигин биһиги бөлөнөхпүтүгэр уойан, маска эрэ ыттыбакка сылдьара буолуо. П. Ойуунускай.

Нууччалыы Заплывать жиром, лопаться с жиру, живя сыто и праздно

Этиилэр

Туора тот (уой, туол)

сыта (кэдэрги, сытыйа, туора) бай диэн курдук (көр бай I).

  • Тойоттор-хотуттар туора уойан кэбилэнэн эрдэхтэрэ. Уһаты уой кэпс., сиилээн. – кыһалҕаны билбэккэ, бэлэмҥэ олорон, аһара соноо, уой Аҕаҥ бар дьон хара көлөһүнүн супту уулаан муспут баайыгар уһаты уойдаҕыҥ… Амма Аччыгыйа
II

4 #

саҥа алл. Соһуйууну, уолуйууну көрдөрөр

Нууччалыы Выражает удивление, испуг (ой, ох)

  • Уой, оҕолоор истиҥ эрэ Уол миэхэ тугу диирин: Күн сиригэр миигин эрэ Күүстээхтик таптыыр үһү.
    С. Данилов
  • Бу “уой” биһиги дьоммутун олоххо хат төнүннэрбит курдук иһилиннэ.
    Н. Заболоцкай
  • Түгэх хоско дьиэлээх дьахтар “уой!” – диэн уолуйбут хаһыыта иһилиннэ
    В. Протодьяконов

«У» буукуба