Перевод с якутского
хот
туохтуур
Нууччалыы побеждать
English to win, to defeat
Ис хоһооно · 6
1 туохтуур #
Нууччалыы побеждать
English to win, to defeat
өстөөҕү хоттубут мы победили врагаwe have defeated the enemy
2 туохтуур #
Туох эмэ кытаанаҕы баһыйа быс, алдьат (ордук биилээҕи этэргэ)
Нууччалыы Разделять на части, отделять от целого чем-л. острым, резать
Эрбиибит хоппот. Кытаанаҕы тииһим хоппот. СТБКТ. Ээ, бу тааспыт тугу да хоппот буолбут, бурдукпун барытын куруппалатан кэбистим Амма Аччыгыйа
3 туохтуур #
Туох эмэ (хол., буулдьа) тугу эмэ дьөлө көтөн эбэтэр өтөн курдары аас
Нууччалыы Попадать куда-л. внутрь, пробивать насквозь, проникать внутрь, осилить
Отууларын хотон, Олус тоҥон, отонньуттар Ойон туран, кутааларын Уотун эбэн булкустулар. Күннүк Уурастыырап Дьиэбитин ардах хотон эрэр. Мээнэ буулдьа хоппот эркинэ СТБКТ
4 туохтуур #
Туохха эмэ кими, тугу эмэ баһый, кыай
Нууччалыы Одерживать победу над кем-чем-л. в чём-л., одолевать, выигрывать у кого-л. [Ньукулай оҕонньор:] Сэмэнэп дьоппуон сэриитин ылан, соҕуруу дойдуну улаханнык хотон, Бодойбоҕо чугаһаан иһэр үһү
Бу кэлин сылларга институт саахыматчыттара наар хотор буолан иһэллэр Кыым
5 туохтуур #
Киһини итэҕэһинэн-быһаҕаһынан, сыыһатынан киирэн, кыайа-хото саҥар
Нууччалыы Корить, упрекать кого-л.; доставаться, влететь кому-л. от кого-л
Сотору соҕуһунан мунньах аһылынна. Кэмэндээн Баскыырабы дьахталлар хоттулар, ыксалыгар тириттэ. Амма Аччыгыйа Туох үлүгэрэй, күн аайы бүгүҥҥү курдук этиспэттэр ини. Бүгүн баҕас Маайа Настааны улаханнык хотто быһыылаах В. Гольдеров
6 этии #
Нууччалыы Недопонимать суть чего-л., неразбираться в чём-л., недоумевать
Этиилэр
Өйө хоппот
аанньа ситэри кыайан өйдөөбөт, саарбахтыы саныыр Бу хаһан бар-дьоҥҥо дьоллоох олох күнэ тахсыах бэйэтэй?!
Санаатахпына санаам тиийбэт, өйдөөтөхпүнэ өйүм хоппот.
Суорун ОмоллоонОл-бу фантастическай бырайыагынан эбэтэр бэйэм өйүм хоппот дьыалатынан дьарыктаммаппын. Г. Угаров
Өссө холобурдар (1)
Ср. ДТС ходы ‘сильный’, ход ‘класть, оставить; бросить’