Перевод с якутского
сит-хот
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы достигать зрелости, возмужания; взрослеть
1 туохтуур #
Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн толору сайын; ул аат
Нууччалыы Достигать зрелости, возмужания; взрослеть
Маайыс улам ситэн-хотон, төлөһүйэн иһэр. Амма Аччыгыйа Кини уолун өйүн-санаатын булуммут, сиппит-хоппут киһинэн ааҕар. В. Протодьяконов Тас дьүһүнүттэн көрдөххө, Кэскил биллэрдик төлөһүйбүт, сиппит-хоппут, боччумурбут көрүҥнээҕэ
Г. Колесов
2 туохтуур #
Үрдүк таһымҥа тиийэ үүн, сайын
Нууччалыы Достигнуть полного развития, дойти до кондиции
Эдэр Эллэй поэтическай талаана сылтан сыл ситэн-хотон, айар үлэ киэҥ аартыгар тахсыбыта. Софр Данилов. Санкт-Петербург куорат Константин Гаврильевич политическай өйө-санаата ситэригэр-хоторугар быһаарар суолтаны ылбыта. П. Филиппов Хоһоон уус-уран өттүнэн бэрт үчүгэй, сиппит-хоппут. ПНЕ СТ