ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сит

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы догонять

English to catch up with

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы догонять

English to catch up with

  • кини уолаттары ситтэ
    он догнал ребятhe caught up with the guys

2 туохтуур #

Нууччалыы достигать

English to reach; to attain

  • итинэн эн тугу ситиэҥий?
    чего ты этим добьёшься?what are you going to achieve by this?

3 туохтуур #

Иннигэр баран иһэр кимиэхэ-туохха эмэ тиий, кинини кытта тэҥнэс

Нууччалыы Догонять, настигать

  • Биһиги тэлиэгэлээх аргыспыт дьэ ситэн тиийэн кэллэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ситиччэ түргэнник барбытын үрдүнэн бөрө ситиэхчэ буолла.
    Т. Сметанин
  • Мин даҕаны Элик кыылы Эккирэтэн ситэр Элэс быһый этим
    И. Чаҕылҕан

4 туохтуур #

Муҥутаан көҕөр, тылын (от-мас үүнээйи) эбэтэр сөп буола бус (үүнээйи аһа)

Нууччалыы Дойти до полного расцвета (растения); созревать, поспевать (ягоды, фрукты, зерновка)

  • Тыа мутукчата ситэн, хойдон, айылҕа күөх унаарынан киэркэйбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Сир аһа ситиэ, оо, оччоҕо кинилэр төһө эрэ күннүүллэр!
    И. Федосеев
  • Сорох учаастактарга [сэлиэһинэйи] саҥардыыҥҥыта ыспыппыт, атыттарга ситэн бүтэн эрэллэр.
    Г. Угаров
Өссө холобурдар (8)
  • Горуох түргэнник ситэр суортарын булуохха наада
    П. Егоров
  • Толору сайын. Θ Достигнуть полной зрелости, созревать. Толкуйдаан истэҕин аайы ити санаата улам ситэн, кытаатан истэ.
    Н. Лугинов
  • Мин тапталым - сиппит таптал.
    И. Гоголев
  • Өйө-санаата ситтэ, күүһэ-уоҕа модьураата.
    И. Бочкарёв
  • Былыргы түүрдэр тылларыгар туохтуур саҥа чааһын быһыытынан сайдан, ситэн эрэрэ көстөр
    АНК БТТ
  • Толору буол, туол. Θ Быть полным, завершённым. Бу сэһэннэр хомуллуулара ситэн турар диэххэ сатаммат, ордук хотугу хоһуун эпоһа.
    Саха фольк
  • Халандаар бэрээдэктэнэр, бит-билгэ ситэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Бүгүн хадьымал көтөҕүүтэ бүтүөхтээх - Эһиилги ыһыы тэрээһинэ ситиэхтээх
    А. Абаҕыыныскай

5 туохтуур #

Туохха эмэ санаммыккын, туруммуккун эккирэтиһэн туран оҥор

Нууччалыы Добиваться, достигать чего-л. целенаправленно

  • Кини, арай, бииргэ санаатын сиппэккэ өлбүтэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыалгын сиппит буоллаххына сылааҥ кытта минньигэс.
    Д. Апросимов
  • Бу төһө эмэ наадаланан кэлбит киһи тугу да сиппэтигэр тиийдэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Соруктарын ситэ иликтэринэ арахсыбат дьоннор буолаллар
    И. Данилов

6 туохтуур #

Төһө эрэ сааска тиий, төһө эрэ сааскын толору туол

Нууччалыы Достичь какого-то определённого возраста, иметь сколько-то лет

  • Сыгынньах киһилэрэ сааһын саҥа ситэн эрэр оҕочоос эбит.
    Саха фольк
  • Сэттэ уоммун Ситиэхпэр дылы Одурууннаах олоххо оҕустаран, -- Бар дьоммуттан матан, баранаак буола сылдьыбытым.
    А. Софронов
  • "Мин ойох ылар сааһым буолла, эн эргэ барар сааскын сиппиккин, онон эн биһикки холбоһуох", - диэтэ Байбал дьоһуннанан олорон.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)

7 туохтуур #

ан сыһыат туохтуур форматыгар: “муҥурун бул, муҥурун була оҥор, толор”

Нууччалыы В форме деепричастия на -ан имеет значение: “дойти до конца, достичь какого-л. предела в чём-л. ” Этэрин дьаабытын Икки атахтаах Ситэн истибэтэх

  • Таптал ис кистэлин Барыы эппэттэр. Тыл силик киистэтин Ситэн тиспэттэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Хайалар, хонуулар ойууларын хас кыраасканан ситэн сотуомуй?
    С. Васильев

8 этии #

Ааҕан сиппэккин - ахсаана биллибэт элбэх Скульптордар төһөлөөх үгүс табаны кыһан-чочуйан оҥорбуттарын ааҕан сиппэккин. Софр. Данилов. Кавказ хайаларын холлорооннорун ааҕан сиппэккин. В. Гаврильева. Кини [эдэр дьахтар] ыарыытын билиҥҥэттэн ааҕан сиппэт. Эгэ, кырыйдаҕына хайдах буолуой. В. Протодьяконов.

Нууччалыы Бесчисленный, не поддающийся исчислению

Этиилэр

Силигэ сиппит көр силик

Уруу силигэ ситэн, Утуйуу буолла. С. Зверев. Дьыала силигэ сиппитин эрэ кэннэ, икки бэрт утарыта көрсө түстүлэр. А. Сыромятникова. Дьэ бу силикпит ситэн аны художественнай салайааччыланныбыт. "ХС". Ситэн сиэ кэпс. - эккирэтиһэн, сойуолаһан туран ситэри кэһэт, дьакый.

Доконать, погубить.

  • Чэ, бэйи, ытаат да буут бэриллиэ, ситэн сиэтиннэр.
    Е. Неймохов

Сэт-сэлээн сиппит көр сэт-сэлээн

  • Э, дьэ, сэт-сэлээн ситтэҕэ буоллун, охсуһуу-өлүү бөҕө үлтүрүйдэҕэ буоллун, хааннаах хара дьай халбарыйдаҕа буоллун! Ньургун Боотур. Билигин кэлэн Сэбиэскэй былааска сэмэҕэ тиксэр сэтим-сэлээним сиппит үһү дии? А. Софронов

9 этии #

Нууччалыы Достигающий зрелого возраста

  • Ситэ барбыт - ситэн эрэр, ситэр сааһыгар барбыт Таһырдьаттан Хара Наһаар киирэр, сарыы таҥастаах, ситэ барбыт киһи.
    Күндэ
  • Татьяна Гаврильевна остуолга олордоҕуна олус сылайбыт, илистибит ситэ барбыт дьахтар көрүҥнээҕэ.
    Э. Соколов
  • [Маруся Ордонская] уон аҕыс сааһын туолан, ситэ барбыт кыыс этэ.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (5)
  • Ситэ баттаа (кэп) - кими-тугу эмэ эккирэтэргин өр гыммакка ситэн ыл. Θ Быстро настичь преследуемого. Өр буолбата, эһэм субу ситэ баттаан ылла.
    Н. Заболоцкай
  • Мохсоҕоло ыйылыы түһээт кэнниттэн эккирэппитэ, ситэ баттаан ылан, илиитигэр түспүтэ.
    В. Гаврильева
  • Маппыр дьахтары ситэ кэбэн ылбыт уонна хаарга охторон түһэрбит.
    Л. Попов
  • Кэрэмэс [кыылы] ситэ кэбэн ылан, сиһиттэн туора хабан ылла.
    ХС
  • Ср. тув. чэт ‘достигай, догони’, др. -тюрк., ‘доходить, настигать, достигать’

«С» буукуба