Перевод с якутского
силик
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы высшая степень расцвета чего-л.
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
поэт. Туох эмэ муҥутуур кэрэтэ, киэргэлэ (үксүн айылҕаны хоһуйууга тут-лар)
Нууччалыы Высшая степень расцвета чего-л. (обычно употр. при описании окружающей природы)
Мутукча тиллибит силигэ Күн диэки күлүмнүү турбута. Эллэй. Аҕынным даҕаны тыа сытын, Айылҕа уһуктар силигин. Л. Попов Үөрүү үрдүө, саргы салаллыа, Өссө тупсуо дойду силигэ И. Эртюков Силик хатыҥ сэбирдэҕэр Сиккиэр саһан тимирдэҕэ. Күннүк Уурастыырап
Өссө холобурдар (2)
Силигирии сиэттиспит Силик күөх сиэллээх Сис тыабыт сиэкэнийбит. С. Зверев Таҥалай силик оһуордаах Талба, намчы хонуулаах Эриэн-быраан хайалар Эйигин эрэ саныыллар А. Бродников
2 даҕааһын #
Муҥутаан сиппит-хоппут, күөҕүнэн симэммит
Нууччалыы Покрытый густой зеленью, в зеленом убранстве
3 даҕааһын #
Олус кэрэ, кэрэттэн кэрэ
Нууччалыы Чарующий, прелестный (напр., о голосе)
Икки кыталык, биир удаҕан истиэхтэн кэрэ, намылҕа силик тойугунан күрэстэһиилэрэ буолла. Амма Аччыгыйа Таптал ис кистэлин Барыы эппэттэр Тыл силик кистэлин Ситэн тиспэттэр. Күннүк Уурастыырап Сэттэ күнтэн килбэйэр Силик симэҕи иилэллэр, Тоҕус көстөн туналыйар Толомон оһуору туттараллар С. Зверев
4 этии #
Нууччалыы Всё доведено до кондиции, продумано до мелочей, сделано без изъянов и недочётов
Силигэ ситтэ - онто-манта барыта толору ситтэ, туох да итэҕэһэ суох буолла Күһүн таҥара дьиэтин силигэ дьэ ситэн, улахан малааһын буолбут. И. Гоголев – Оо, оҕом! Дьэ силигэ ситтэ, күөнү кытта көрсүөр, хааны кытта харсыар сөп буолла. Эрилик Эристиин Уонна... дьэ бу, силикпит ситэн аны уус-уран салайааччыланныбыт. Э. Соколов
Өссө холобурдар (1)
Ср. др. -тюрк. силик ‘чистый, благородный, изящный’, уйг. силик ‘гладкий, ровный; искусный’