Перевод с якутского
силииндир
аат тыл
Нууччалыы цилиндр, геометрическое тело
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Турба быһа охсуллубутун курдук лэкэчэк быһыылаах геометрическай эттик
Нууччалыы Цилиндр, геометрическое тело
Сүрүн геометрическай эттиктэринэн пирамида, силииндир, куонус, саар уо. д. а. буолаллар. ННС ЧАа. Орто саастаах оҕо саадын оҕолоро куб, силииндир диэн эттиктэри кытта билсэллэр. АТП ОАаММӨС. Көннөрү гидра этэ силииндир курдук бөкүнүк быһыылаах.. ББЕ З
2 аат тыл #
Иһинэн салгыны эбэтэр убаҕаһы ыга анньан хамсатар поршеннаах, турба курдук көҥдөй быһыылаах массыына эбэтэр механизм биир сүрүн дэтээлэ
Нууччалыы Цилиндр, часть поршневого механизма
Поршены аллара баттаатахха, силииндиргэ киирбит салгын ыгыллар. ПАВ Ф-
3 аат тыл #
Поршены хамсатан үлэни оҥорор кэмигэр паар силииндир иһигэр үллэр. ПАВ Ф-
4 этии #
Нууччалыы Шляпа-цилиндр
Этиилэр
Силииндир сэлээппэ
оройо хороҕор лэкэчэк быһыылаах, кыра тэллэгэрдээх кытаанах сэлээппэ Хабырыыс силииндир сэлээппэлээх, Көмөр курдук хара бэйэтэ Көмөр хара көстүүмнээх.
С. Тарасов