Перевод с якутского
собуот
аат тыл
Нууччалыы промышленное предприятие с механизированными процессами производства, завод
1 аат тыл #
Массыыналарынан, механизмнарынан сэбилэнэн табаары оҥорон таһаарар бырамыысыланнас тэрилтэтэ
Нууччалыы Промышленное предприятие с механизированными процессами производства, завод
Алтайга, Белуха тэллэҕэр, Тыраахтар собуота ньиргийдэ. Күннүк Уурастыырап Саҥа собуот буруолуур Биир сыл иһигэр. П. Тобуруокап Бөчүгүрэстээх бөлкөйдөргө Бөдөҥ турба бөлөҕүө, Кырынаастаах кырдалларга Кырылас собуот туруоҕа С. Зверев
2 аат тыл #
Чаһы барар механизмын үлэлэтэр оҥоһук
Нууччалыы Приспособление для приведения в действие механизма часов, завод
Чаһым собуота бүппүт. Сиидэр Тэрэнтэйэбис -- чаһытын собуотун эрийэн тырылаппахтаата П. Аввакумов
3 аат тыл #
Оһох уотун төлөнө, буруота үөлэһигэр диэри эргийэн барар холлоҕоһо
Нууччалыы Извилистый канал (до трубы), по которому дым выходит из печи. - Оһох кыайан оттуллубат буолбут. - Пахай, доҕор, бу манан собуотун эркинэ эмиэ тоҕо барбыт
Муҥар [оһоҕун] собуотун сатаамына, оһоҕун буруота айаҕынан төттөрү уһуутаан тахсан, эмээхсиниттэн мөҕүллүү бөҕөнү мөҕүллэн өлө сыспыта В. Иванов