ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эбийиэк

аат тыл

Нууччалыы предприятие, учреждение, а также любое место какой-л. организованной деятельности человека

1 аат тыл #

Туох эмэ үлэ (хол., тутуу) барар, оҥоһуллар миэстэтэ

Нууччалыы Предприятие, учреждение, а также любое место какой-л. организованной деятельности человека

  • Өр сылларга тутууга биригэдьиирдээбитэ, элбэх эбийиэктэри, олорор дьиэлэри туттаран дьэндэттэрбитэ. Хапсаҕай. "Катюшанан" балтараа килэмиэтиртэн тоҕус килэмиэтиргэ диэри ыраах байыаннай эбийиэктэри ыталлара.
    ХС
  • Ити эбийиэк бары үлэтин силигэ ситэн, учаастак тутуутун үлэһиттэрэ этиллибит болдьоххо көһөн киирбиттэрэ
    ХС

2 аат тыл #

кин. Ханнык эмэ (хол., чинчийэр, үөрэтэр) сыаллаах ким эмэ болҕомтотун туһаайар көстүүтэ, барымтата

Нууччалыы Явление, предмет, на который направлена чья-л. деятельность чьё-л. внимание, с целью наблюдения, изучения, познания, объект

  • Кылаабынайа, таптал киһи үйэтин тухары баар буолуохтаах. Эбийиэгэ эрэ уларыйыахтаах.
    Н. Лугинов
  • Антропология уонна этнография чинчийэр эбийиэктэрэ • киһи уонна кини култуурата.
    ХС
  • Биир эбийиэккэ бэйиэттэр араас кэмҥэ араастык сыһыаннаһаллар эбит
    ХС

3 аат тыл #

филос. Киһи өйүттэн-санаатыттан, баҕатыттан тутулуга суох кинини тулалыыр тас эйгэ көстүүтэ барыта

Нууччалыы Предмет, явление внешнего мира, объект

  • Билии-көрүү марксистскай түөрүйэтигэр "дьиҥ-кырдьыктаах" диэн тиэрмининэн чахчы баар эбийиэктэр уонна киһи өйүгэр-санаатыгар үөскүүр уобарастар икки ардыларыгар сөп түбэсиһиини этиллэр. ДИМ. Эбийиэк диэн өйдөбүлгэ тас эттик, тас аан дойду киирэр.
    Ф. Энгельс
  • Аан дойдуга аһары чиҥнэринэн уратыланар бүтүн кэккэ эбийиэктэри бу кэнники сылларга арыйдылар
    ДьДьДь

«Э» буукуба