ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиий

туохтуур

Нууччалыы достигать

English (with dat.) to reach, to arrive at

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы достигать

English (with dat.) to reach, to arrive at

  • куоракка тиий
    добраться до городаto arrive at the city

2 туохтуур #

Баран, сыҕарыйан, тарҕанан ханна, туохха эмэ кэл

Нууччалыы Идя, двигаясь в каком-л. направлении, достигнуть чего-л., дойти

Өссө холобурдар (8)
  • Салгыны сатарыйан сөмөлүөт мотуорун тыаһа бу тиийэн кэлбитэ.
    Н. Якутскай
  • Холбуйатыгар уот тиийэн хаппаҕын сиэн буруолата сытар
    Т. Сметанин
  • Туһааннааҕын бул (кимиэхэ, туохха эмэ туһаайан саҥарбытыҥ, эппитиҥ). Θ Доходить до адресата (о чём-л. сказанном вслух). Мин алгыһым эйиэхэ тиийдин!
    Н. Лугинов
  • "Эн эрэйдээх кырыыһыҥ син-биир тиийиэ суоҕа", – диэтэ кини.
    М. Доҕордуурап
  • Никандрга ити тыл тиийдэ быһыылаах, саҥата суох хараҥаҕа мэлис гынан хаалла. А. Кривошапкин (тылб.)
  • Өйгөр оҥорон көрөн эбэтэр түһээн ханна эрэ баар буолан хаал. Θ Оказаться, очутиться где-л. (в мыслях, во сне). Им-дьим ортотугар Микиитэ -- кинигэтин ааҕан, атын дойдуларга-дьоннорго тиийэн олорор.
    Амма Аччыгыйа
  • Ааҕааччыам, тиийиэх биһиги Муустаах муора биэрэгэр, Кыайыы иһин силлиэлиин Бар дьон тустар сиригэр.
    С. Данилов
  • Мин Москваны киинэҕэ көрдөхпүнэ, түүнүгэр түһээн онно тиийбит буолабын
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Хайа эмэ кэмҥэ, туох эмэ түгэҥҥэ диэри тыыннаах буол, баар буол

Нууччалыы Проживать, доживать до какого-л. срока, времени, события

  • Сайыҥҥа эрэ тиийдэрбит, оҕобут айаҕын үлэлээн дуу, бултаан балыгынан дуу төлүө этибит.
    Н. Якутскай
  • Оҕом онтон ыла турбакка көҕүс ыарыы буолан, муҥ бөҕөнү көрөн, үһүс сылыгар тиийэн өлбүтэ.
    Эрилик Эристиин
  • Дьиҥэ бачча сааспар тиийиэм, олоҕу олоруом, ону-маны көрүөм диэн санаабат этим
    В. Протодьяконов

4 туохтуур #

Ханнык эмэ кэриҥи сит, ханнык эмэ кэриҥҥэ тэҥнэһэр буол

Нууччалыы Достигать какого-л. определённого предела, доходить до какого-л. уровня

  • Уонча сааспар тиийиибэр ийэм өлөн хаалбыта.
    Эрилик Эристиин
  • Батальоҥҥа тиийэр ахсааннаах бартыһааннар этэрээттэрэ аармыйа ыстаабыгар соһуччу саба түһүүнү оҥордулар.
    Т. Сметанин
  • Бэрбээкэйдэригэр тиийэр хара дьууппалаах, кылгас сонноох дьахталлар
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (6)
  • Туох эмэ түмүктээх буол, тугунан эмэ түмүктэнэр буол. Θ Достигать какого-л. результата, иметь результатом что-л. [Пётр Белолюбскай:] Оок-сии! Ол мин балтым эрэйдээх туох буруйдааҕар, туох аньыытыгар бу айылаах саакка-суукка тиийдэҕэй?
    П. Ойуунускай
  • Этиһиигэ тиийдилэр, Иҥин-дьүһүн дэһистилэр, Илгитиһэн кэбистилэр.
    П. Тобуруокап
  • Күрээн, суол оймооҥҥут, Күлүүс хаайыытыгар тиийиэххит
    С. Васильев
  • Кимиэхэ эмэ тэҥнэс, тэҥнээх буол (үксүн буолб. ф. тут-лар). Θ Равняться на кого-л., сравниваться с кем-л. (обычно употр. в отриц. ф). Эйиэхэ тиийэр кийиит биһиги аймахха суох.
    Далан
  • "Бу уол ийэтигэр тиийиэ дуо" диэн таарыйа миигин хомуруйан ылаллара.
    И. Гоголев
  • [Дьахталлар] бары туох эрэ итэҕэстээх, Оксанаҕа дьүһүннүүн, быһыылыын-тутуулуун тиийбэккэ дылы этилэр
    Суорун Омоллоон

5 туохтуур #

Туох эмэ нааданы, көрдөбүлү ситэри толуйар ахсааннаах, кээмэйдээх кыахтаах буол

Нууччалыы Быть достаточным, иметься в необходимой мере, в нужном количестве

  • "Быйыл оппут да тиийээ ини", – диэтэ Доромоон, дэлэгэй киһи быһыытынан үөрэ-көтө.
    Күндэ
  • Үрэх суолугар киирэн баран, Микиитэ ой дуораана тарҕанарын кэрэхсээн, күүһэ тиийэринэн улаханнык ыллыы истэ.
    Амма Аччыгыйа
  • [Петя:] Саха өрөспүүбүлүкэтэ сүөһүнэн олорор ааттаахпыт, ол да буоллар арыыбыт, эппит тиийбэт
    С. Ефремов

6 туохтуур #

Тугу эмэ хайаан да оҥорорго күһэлин

Нууччалыы Быть вынужденным сделать, совершить что-л

  • "Чэ, сатыы барарбытыгар тиийэбит", – диэбитэ кини.
    Суорун Омоллоон
  • Тойон суоһуттан-суодалыттан төһө да толлубутун иһин, Бурхалей аккаастанарга тиийдэ.
    Эрилик Эристиин
  • Сергей мух-мах барбыта, ол эрээри кэпсииригэр тиийбитэ
    В. Гаврильева

7 туохтуур #

Өйгөр киирдин, өйдөө

Нууччалыы Проникать в сознание, вызывать отклик, доходить. – Киһи сотору өссө атын планеталарга көтүөҕэ. – Һы, ол эйиэхэ субу тиийдэ дуо?

8 туохтуур #

ан сыһ. туохт. ф-гар кэл туохт. кытта туох эмэ саҕаланар, үүнэр диэн суолталанар

Нууччалыы В ф. деепр. на -ан и в сочетании с гл. кэл: начинаться, брать начало

  • Кымыһынан дьалкыйан, Тиийэн кэллэ от ыйа.
    П. Тобуруокап
  • От хомуура үмүрүйэн эрдэҕинэ бурдук хомуурун үлүскэннээх үлэтэ тиийэн кэллэ.
    М. Доҕордуурап
  • Дьэ, аттанар күннэрэ тиийэн кэллэ.
    Н. Павлов
Өссө холобурдар (1)

9 этии #

Нууччалыы Даже в мыслях не мочь достигнуть чего-л

Этиилэр

Аҥаар да атаҕар тиийбэт көр аҥаар

  • Ананий аҥаар да атаҕар тиийбэт эрээри, Ананийдаан сииллэр.
    М. Доҕордуурап

Илиитэ тиийбэт көр илии

  • Биһиги сорох биллэр-көстөр прозаиктарбыт уонна поэттарбыт суруйууларыгар тылбаасчыттар илиилэрэ букатын да тиийбэт.
    ХС
  • Мин илиим тиийбэтэ суох курдук саныырым да.
    ХС

Илиитэ тиийдэ көр илии

Өссө холобурдар (1)
  • Хомунардыы тэринэн, сэбин-сэбиргэлин сыҕарыталаата, өтүйэлээх балтатыгар кытта илиитэ тиийдэ.
    ХС

Муннуҥ тыаһа муораҕа тиий көр мурун

  • Сылайбыт дьон утуйан хайыы-үйэ муннуларын тыаһа муораҕа тиийдэ.
    И. Никифоров
  • Өлөксөөстөөх утуйан муннуларын тыаһа муораҕа тиийдэ.
    Г. Нынныров

Муҥур уһукка тиий (киир) көр муҥур

  • Муҥу-сору көрөммүт, Муҥур уһугар тиийэммит -- Иэскэ-күүскэ киирэрбит, Иҥиир тараһа буоларбыт.
    С. Васильев
  • Муҥур уһукка тиийэн, эдьиийэ эрдэ төрөөбүт уонна хойут төрүүр уулаах ынахтары солбуһуннара сылдьан көлүйэргэ дьаһал биэрбитэ.
    Н. Босиков

Санаата тиийбэт

санаатыгар да кыайбат, сиппэт-хоппот Бу хаһан бар дьоҥҥо дьоллоох олох күнэ тахсыах бэйэтэй?

  • Санаатахпына санаам тиийбэт, өйдөөтөхпүнэ өйүм хоппот.
    Суорун Омоллоон
  • Бу күөл хомуһа, лаҥхата кус оҕотугар кириэппэс тэҥнээҕэ, хайа да бэйэлээх сааһыт санаата тиийбэтэ, оннооҕор сиэмэх көтөр кынаттаах бииһэ сатаан бултаспаттар.
    С. Никифоров

Санаата тиийэр көр санаа II

  • [Хаалдьыт:] "Уруккуттан санаам тиийэрэ гынан баран, оҕолоро сириксэнэ бэрт дииллэриттэн чаҕыйан олорбутум", – диэхтиир.
    А. Софронов

Тиийбэт тирии, тарпат тараһа буол көр тарт

  • Былыргы олоххо элбэх оҕолоох саха киһитэ быстар дьадаҥы, тиийбэт тирии, тарпат тараһа буолан -- олороохтуура.
    В. Протодьяконов
  • Дьоннор ити курдук артыалга киирэн байан-тайан эрэллэр, оттон кинилэр буоллахтарына сыл аайы тиийбэт тирии, тарпат тараһа буола олороллор.
    АДП КБ

Тиис-тыҥырах тиийэринэн

төһө кыалларынан, кыах баарынан.

Насколько хватит сил.

  • Быйыл соҕотоҕун оттоон, тиис-тыҥырах тиийэринэн муҥнанна.

Тоҥор-ириэнэҕэр тиий

тугу эмэ тиһэҕэр тиийэ быһаар.

Доводить что-л. до логического конца.

  • Киргиэлэй холкута эбитэ буоллар тоҥор-ириэнэҕэр тиийэн баран уурайыах киһи, холкуос мунньаҕын тэрийээри иһэр буолан, ааһарга тиэтэйдэ.
    Д. Таас
  • Ср. др. -тюрк. тег ʻдоходить, достигать, прийти к чему-л. ʼ, алт. тий ʻкасаться, трогать, попадатьʼ

«Т» буукуба