Перевод с якутского
бус
туохтуур
Нууччалыы свариться, испечься
English (cooking) to cook up, to get cooked
Ис хоһооно · 7
1 туохтуур #
Оргуйан эбэтэр уокка сыраллан сииргэ бэлэм буол (ас туһунан)
Нууччалыы Свариться, испечься
Чүөчээски үтэһэлээбит этэ буһаатын кытта, чэйдээбитинэн барда.
Суорун ОмоллоонАрҕаанан айахтаах ампаар дьиэ, Оһоххо олгуй-чаан оргуйар. Тааттаҕа төрөөбүт улаан биэ Туруктаах чоҥкута бу буһар. Күннүк Уурастыырап Хойуу да хойуу миин бэрдэ буһан эрэр Т. Сметанин
2 туохтуур #
Үүнэн, ситэн-хотон, хомуйарга, сииргэ бэлэм буол (хол., бурдук, отон о. д. а.)
Нууччалыы Созреть, поспеть
Күөттэ Дьөгүөр саһарчы буһан эрэр бурдугар оҕус күрүөһүлээн киирбит. А. Софронов [Чокуурап:] Ол суорт үүнэрин сүрдээхтик үүнэр эрээри, кыайан буспакка үлүйэн хаалар эбит. С. Ефремов Садтан яблоко, айва, персик, марабель отоннор буһаннар, арамаат сыта тарҕанар Н. Якутскай
3 туохтуур #
Уокка эбэтэр итиигэ сиэт
Нууччалыы Обвариться, обжечься, получать ожог
Ууттан буспут үүттэн куттанар (өс хоһ.). Ол курдук, тааска быстан, уокка буһан, тымныыга тоҥон туран, оҕолору быыһаабыт уол Луха Луоскун бэйэтэ балыыһаҕа киирэр. Амма Аччыгыйа Аһыырыгар саха саҥарбат, Арай тэриэлкэ, тиис тыаһыыр, Мииҥҥэ буспат, уҥуохха харбат Сэрэҕин бэркэ сыаналыыр Дьуон Дьаҥылы
4 туохтуур #
Куйаастан, күүскэ үлэлээн, хамсанан эбэтэр олус халыҥнык таҥнан итииргээ, көлөһүн таҕыс, тирит
Нууччалыы Испытывать жару, потеть
Эн эмиэ сылайаҕын, ардыгар аччыктыыгын, куйаастан буһаҕын, тымныыттан тоҥоҕун. Т. Сметанин Тула хараҥа, хаар ытыллар, ыллыыр. Эмиэ оргууй хаамабыт. Тоҥмоппун, хата буһабын Н. Габышев
5 туохтуур #
Эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сит-хот
Нууччалыы Достигать зрелого возраста, окрепнуть, закалиться
Эн, Федор Попов, Хотой аймаҕар холбоһон, хомсомуол кэккэтин булбутуҥ, - Бу олох кыайыытын барҕардар Бойобуой кыһаҕа буспутуҥ. Күннүк Уурастыырап Биһиги бурсууй-баай буораҕын, Буулдьатын сиэбиттэр, Бууска, саа уотугар буспуттар, өлбүттэр Эллэй
6 туохтуур #
Бүтэйдии күҥкүйэн сытый (сииктээх кэбиһиллибит от туһунан)
Нууччалыы Сопреть, гнить (о застогованном сене, недостаточно высушенном)
Сииктээх кэбиһиллибит от буһар. Куһаҕан түстээх оту ардах хотор, оччоҕо от буһар. Тюрк. бус, бүс, пис
7 этии #
Иһэ (көхсө, өһөҕө) буһар (үллэр, тымныйар) - көр ис. Мин иһим буһан эрэрин биллим. Кини [Карл] туһунан тугу саныырын сирэйигэр этитэлээтим. Доҕордоһуу т. Түөртээх бэдигим Саша үҥсүүлээх киирдэ. Өһөҕө буспут. Ытыы сыспыт. Багдарыын Сүлбэ