ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кыай-хот

туохтуур

Нууччалыы победить, разгромить противника, окончательно, полностью

1 туохтуур #

Сэриилэһэн, охсуһан утарылаһааччыны өстөөҕү букатыннаахтык кыай

Нууччалыы Победить, разгромить противника, окончательно, полностью

  • Дьэ ити курдук Бүүкээнниир Ыаһах сылдьар сирин мэһэйдэтэрин, хааннаах хара көлөһүнүн хардьыаланан сиэччини халбарытан, кыайан-хотон, үөрэн-көтөн, байан-тайан көҥүл көрүлээн олорбута үһү.
    Саха фольк
  • Үрүҥнэр кыайан-хотон бүппүттэрин кэннэ, били этэргэ дылы "тииҥи ичигэстэһэр" сахха, кини [Аргыылап оҕонньор], маҥкы маһын курдук, эмискэ күөрэс гына түһүөхтээҕэ. Софр. Данилов. Кыайан-хотон сэрииттэн Төннөн иһэммин, Күннээх күөх Украинаҕа Мин тохтоотум
    Т. Сметанин

2 туохтуур #

ан да чаҕыйан, толлон турбакка, кимиилээхтик сыалгын ситис, иннин ыл

Нууччалыы Настойчиво, решительно добиваться своей цели, быть успешным в чем-л., добиваться успеха, побед

  • Кини бэйэтэ төһөнү эмэ кыайыаҕын-хотуоҕун бу дьон, ити киһи атахтаан-мэһэйдээн, алдьаппыт ааттаахтар.
    Амма Аччыгыйа
  • Айдар тыл этэн баран чэпчии түспүтэ. Тугу эрэ улаханы кыайбыкка-хоппукка дылы, бэйэтин быдан үрдээбит, ырааһырбыт курдук санаммыта.
    Н. Лугинов
  • Кыайаргар-хоторгор баҕарабыт, хорсуммут Дьүкээбил
    Н. Якутскай

«К» буукуба