Перевод с якутского
абылаа
туохтуур
Нууччалыы околдовать, завораживать, зачаровывать кого-л. с помощью волшебства, колдовства
English (religion) to bewitch, to cast a spell upon
1 туохтуур #
Ап-хомуһун күүһүнэн санаатын, сүрэҕин сүүйэн, кими эмэни талбыккынан дьаһай
Нууччалыы Околдовать, завораживать, зачаровывать кого-л. с помощью волшебства, колдовства
Айаҕалыы сатаан Чолбону абылыы сатаатым. Миигин түһээн көрдүн диэн сыттыгын анныгар кистээн сүүтүкпүн, кыптыыйбын уурабын. Туһа суох. И. Гоголев Ыалдьыбыт кыысчааны хаппахчы иһиттэн ороннору көтөҕөн таһаараллар. Дьон сүрэҕэ бүтүннүүтэ тип-тибигирэс буолар. Биллибэт күүс кинилэри абылыыр. Л. Попов Кинилэр [оҕонньоттор] илэ сылдьар дэриэтинньиккэ хайа өйдөөх киһи соҕотоҕун табаарыстарыттан быстан хаалыай дии саныыллар. Дэриэтинньик ииртэҕэ, өйүн-санаатын абылаатаҕа Далан
2 туохтуур #
Таптат, умсугут (хол., олус эйэҕэскинэн, үтүө кэрэ көрүҥҥүнэн)
Нууччалыы Очаровывать, пленять (напр., своим обаянием, прекрасным видом)
Таня бэйэтин тутта сылдьар быһыытыгар, тас дьүһүнүгэр туох эрэ киһини абылыыр баар курдуга.
Н. ЛугиновЕгор туттан-хаптан турара холкута, ыллыыра истиҥэ киһини эрэ абылыах курдук. С. Федотов Бу сир-дойду иэнигэр эҥин да бэйэлээхтэр үүнэллэр. Хас от салаата, сарбынньаҕа, лочугурас төбөтө хараҕы умсугутан абылыыллар П. Аввакумов